Page 231 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 231
4. Таптаабыт кыыс оҕоҥ сириитэ
Кыракый сылтахтан буолуохтаах.
Ол онтон хамсаабат сир иитэ,
Кытаатан буол модун, буол уохтаах!
Тыыннаах тыл
Бэйиэт нууччалыы тыллары хоһоонноругар киллэрэр сатабыла
суруйар истиилин биир уратыта буолар. Бэйиэмэҕэ рифма тыл
этигэн кэрэтин туоһулуурун сэргэ, тыллары көҥүллүк дьүөрэлээ-
һин кыаҕын арыйар.
Ол бэлиэ сүрэхтэн сууллубат…
Мин үрдүк ыллыкпын ыйыаҕа,
Буурҕаттан охтубат, сууллубат
Маягын үрдүбэр ыйыаҕа.
Хараҕым иирдэ дуу? Суох, атын —
Халлааҥҥа көтөллөр паарустар —
Ол уордаах Элиэнэ суо-хатын
Аныардаах үөһүттэн паар устар.
Сорудах: Бэйиэмэттэн ааптар уратылаах истиилин туоһулуур
өссө ханнык түгэннэри булуохха сөбүй? Ол туһунан бэлиэтээһин-
нэрдэ оҥоруҥ.
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
Суруйааччы олоҕун уона айар үлэтин ситимнэрин толкуй-
даан көрүҥ, билим кэмпириэнсийэҕэ кыттыҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Уус-уран литератураны чинчийииттэн
«Долгуннар» туһунан
Саха талааннаах бэйиэтэ Иван Арбита «Долгуннар» бэйиэмэтин
Сунтаарга үлэлии сылдьан саҕалаан баран, Дьокуускайга кэлэн чо-
чуйбут, салгыы суруйбут буолуон сөп диэн сабаҕалааһын баар. Ол
аата 1937—1939 сыллар эргин. Бэйиэмэ бүтэһиктээх барыйаана
1941 сыллаахха оҥоһуллубут.
Бу айымньы хайдах үөскээбитий диир буоллахха, туох да мунаа-
231