Page 232 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 232
ҕа суох, нуучча символист бэйиэтэ Валерий Брюсов биир хоһооно
төрүөт буолбут диир толору кыахтаахпыт. Ол курдук, нуучча бэйиэтэ
1911 сыллаахха 4 эрэ катрентан турар «На берегу» диэн хоһоонун су-
руйбут эбит. Хоһоон барыта омоним рифмалаах. Бу айымньыны ааҕан
баран, экспериментатор, новатор бэйиэт Иван Арбита, быһыыта,
олус сөбүлээбит, сөхпүт уонна сахалыы омоним тыллары испииһэк-
тээн саҕалаабыт. Саха тыла олус баай, кини, бэйэтэ саха тылын учуу-
тала буолан, ону бэркэ диэн билэрэ уонна тылбыт баайын, имигэһин
көрдөрөөрү бу маннык ураты, дьикти бэйиэмэни суруйар санаалам-
мыт буолуохтаах. Бэйиэмэтин киириитигэр В. Брюсов ити хоһоонут-
тан биир катрены эпиграф оҥостубут.
«Долгуннар» уратыта диэн, саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри омоним
рифмалаах, ол аата 80 катрен тухары 160 паара омоним рифманан
суруллубут. Маннык бэйиэмэ сахаҕа урут суоҕа. Дьон олус сөҕө-мах-
тайа истибит. Бу айымньытын Иван Арбита ханна да бэчээттэппэтэх,
ол үрдүнэн элбэх киһи истиһэн, устуһан билэллэрэ, кэпсээн оҥостол-
лоро. Сорохтор илиинэн тэтэрээккэ устан ылан баран, нойосуус үөрэ-
тэллэрэ. Бэйиэт аата ааттаммат кэмигэр элбэх киһи «Долгуннары»
өйүттэн ааҕара, бэйиэт аатын умнубатахтара диэн кэпсииллэр. Саха
сирэ киэҥ, ханна эрэ, музейдарга, биирдиилээн дьон архыыбыгар
илиинэн уһуллубут тиэкистэр баар буолуохтаахтар, олору көрдүүр,
булар сорук турар. 2000 сыллар саҕаланыыларыгар, миэхэ Майат-
тан учуутал, И. Арбита талааныгар сүгүрүйээччи Р. П. Шарина биир
тэтэрээти куопуйалаан биэрбитэ баар. Онно черчение учуутала Васи-
льев Василий Павлович «Долгуннар» бэйиэмэни киччэллээхтик илии-
тинэн кимтэн эрэ устубута баар. Бу эриэккэс булумньу бэйиэмэ тиэ-
киһин үөрэтэргэ бэртээхэй матырыйаал уонна дьон устуһаллара диэн
кэпсээни бигэргэтэр чахчы буолар.
«Долгуннар» бэйиэмэ саха тылын баайын үөрэтэргэ, олоҕу өй-
дүүргэ көмөлөһөр. Манна лириическэй сүүрээни сэргэ дириҥ фи-
лософскай санаа этиллэр. Бу бэйиэмэ ырыа буолан ылланна, нууч-
чалыы тылбаастанна, иллюстрация оҥоһуллар, тыл үөрэхтээхтэрэ
тылын, литератураны чинчийээччилэр уобарастарын ырытан санаа-
ларын этэллэр. Чахчыта даҕаны, бэйиэмэ 1940-с сыллардааҕы саха
поэзиятын биир чулуу айымньыта диэн сыаналанар.
Иван Арбита аҥаардас «Долгуннар» эрэ бэйиэмэтин да суруйбута
буол лар, саха дьоно син биир кини аатын аатыа, талааныгар сүгүрү-
йүө этэ. Саха ааҕааччыта! Бу ураты айымньыны сэргээн аах, төрөөбүт
ийэ тылбыт баайын итэҕэй, өйдөө.
Е. Архипова
Киһи дьылҕатын, уопсастыба олоҕун уустук өрүттэрин иҥэн-тоҥон
этээри, бэйиэт эгэлгэ саҥа уобараһы, идиэйэни көрдүүрэ. Онуо ха
сөп төөх имигэс, киэҥ, дэлэгэй куормаҕа кыһанара. Кинини саха хо-
һоо нун куорматын талбытынан эрийбит, иэхпит бэйиэт диэххэ сөп.
С. Т. Руфов
232