Page 228 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 228
Мин үрдүк магиям ханнаҕын?
Кэл эрэ, киир — ханна бааргыный?
Киир — туохтан кэхтэҕин-ханнаҕын?
Кинини саманна баар гыный!
Билигин биһиги хайабыт
Хараҕын таммаҕа тахсыаҕай?
Көмүстүү күлүмнүүр хайабыт
Көхсүгэр хайабыт тахсыаҕай?
Бигэтик мин өйдөөн кэбистим;
Эн мииҥин да саныы тур, аҕын.
Эйиэхэ сэрэбиэй кэбистим —
Тумарык быыһыгар тураҕын…
Кэрэ кэм сүрэххин үөрдүүтэ
Күөх сааскар көрүлээн хаалыаҕыҥ,
Көтүгэс кыталык үөрдүүтэ
Кыһыҥҥы кыраайгар хаалыаҕыҥ.
Олох ыар төлкөнү кэбиһиэ,
Оччоҕо дьэ уоххун харатыаҥ,
Оччоҕо муннаран кэбиһиэ
Ол сүүстэ дьаарбайбыт хара тыаҥ.
Кыыс кындыа сүрэҕиҥ тэбиитэ
Көссүһэр күүлэйтэн ырыаҕа,
Ол ону дьылҕа киэр тэбиитэ
Киллэриэм мин кэриэс ырыаҕа.
Эн тыыныҥ тобоҕо баарына
Өйдүөҕүҥ мин күүспүн, мин уорбун,
Таптыаҕыҥ, таҥара баарына,
Субу мин айманар минуорбун.
Сүрэххэр биирдэ уот эстиэҕэ —
Сылайан ыран күр түһүөҕүҥ.
Сэгэриэм! Эдэриҥ эстиэҕэ,
Ынырык түүллэри түһүөҕүҥ.
Мин эмиэ манна сор суолбунан
Муҥура суох уостан барабын,
Сүүс төгүл тэпсибит суолбунан
Мин аргыый арҕахпар барабын.
Ардыгар туран кэп туонабын
Айдааннаах суорума сорукпун,
228