Page 225 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 225
Субу эн дьаарбайар биэрэккин,
Эн солко суһуоҕуҥ өрүүтүн.
Дьэ кэллэ! Кинини кытары
Таҥара тыыннара түстүлэр,
Хараҥа күлүктэр кытары
Көмүстүү күлүмнүү түстүлэр.
Ол тыыннар санаабын табаннар
Сүрэҕим күлүүһүн астыннар,
Тапталыҥ охторо табаннар,
Таҥара, баҕабын астыннар!
Бэрт элбэх төннүбэт сыл ааста…
Мин туран дьол-соргу көрдөстүм.
Сүрэхпэр төлөннө, сылааста
Кулу диэн киниттэн көрдөстүм.
Мин биллим уон илбис үөрэҕин,
Мин баарбын үрдүк тыын былааһар.
Эн бүгүн мииҥиттэн үөрэҕин,
Үөрүүгэр хомолто былааһар.
Бил мииҥин, мин аптаах талааммын,
Бил мөлтөх быһыыбын, бил бэппин —
Мин тугу кимтэн да талааммын
Умналаан ылары билбэппин.
Мин хадаар майгылаах эристин
Сүүс дьылҕа кэриэһин кэспитим.
Аны ким да кэлэн эристин —
Элбэҕи кэйгэллии кэспитим.
Тымныйбыт сүрэхпин, түөстэрбин
Мин халлаан уотунан сиэтэбин,
Сир-дойду сиксигин түөстэрбин
Сүүс сылы тэһииннээн сиэтэбин.
Оттон эн — сэттэ сир кэрэҕэр
Кэрдиллэ кэлбэтэх барахсан!
Баҕардым эн дьикти кэрэҕэр
Бар дьоннуун барасыай барахсан.
Эн дьылҕаҥ силбэһэр ситиитэ
Сирэм күөх ньаассынтан өрүллэр,
Таптаһар кэм кэлэн ситиитэ
Кистэлэҥ чувствоҥ син өр үллэр.
225