Page 220 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 220

ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

                   Таллан Бүрэ «Уолан Эрилик» бэйиэмэтин суруллубут устуо­
                руйата  ураты.  Айымньы  бэйиэт  тыыннааҕар  толору  8  ырыа­
                лаах  тиэкиһинэн  үстэ  бэчээттэммитэ:  1944,  1963,  1971  сыл-
                ларга. Бу таһаарыылар уратыларын чинчийэн көрөргө холонуҥ.




                    Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

                        Уус-уран литератураны чинчийииттэн
                Саха  эпическэй  поэзиятын  уопсай  хартыынатын  эргитэ  санаан
             көрөр эбит буоллахха, ол эҥин араас алаастардаах, хатыҥ чараҥнар-
             даах,  ой  бэстэрдээх,  үтүмэн  өрүстэрдээх,  күөллэрдээх,  киҥкиниир
             киэҥ  тайҕалардаах,  дириҥ  аппалардаах,  киллэм  сыһыылардаах,
             үрдүк, намыһах дабааннардаах көстүүтүгэр «Уолан Эрилик» олох тус-
             па кырааскалаах, адьас туспа уонна олус бэлиэ көстүүлэрдээх, икки
             атах үктэммэтэх чыпчааллардаах, үгүс таайылла илик кистэллэрдээх
             суорба хайа (Остуолба хайа) буолан, ойуччу дьиппиэрэн турар.
                Ылар  тиэмэтинэн,  далааһына  киэҥинэн,  ойуулуур  уобараһа  бо-
             чумнаахтарынан,  уус-уран  таһымынан,  кырааската  чаҕылхайынан,
             тыла эҥсиитинэн бу саха поэзиятыгар дьиҥ чахчы бэлиэ, дьоһуннаах
             айым ньы. «Уолан Эрилигэ» суох саха поэзиятын уопсай хартыынатын
             ойуулуур түктэри.
                                                                Семён Данилов



             Аах. Бил. Туһан
                1.  Григорьева Л. П. Е. С. Сивцев­Таллан Бүрэ «Уолан Эрилик»
                   поэматын тиэкиһин айыллыытын историята: текстологи чес­
                   кай чинчийии. — Новосибирскай: Наука, 2011. — С. 180—
                   187
                2.  Григорьева Л. П.  «Уолан  Эрилик»  —  Таллан  Бүрэ  сүрүн
                   айымньыта  //  Современные  аспекты  изучения  истории
                   национальных  литератур  ХХ  века:  Возвращенные  имена:
                  материалы  республиканской  научно­практической  конфе-
                  ренции/сост. Е. А. Архипова. — Якутск: Издательский дом
                  СВФУ, 2015. — С. 36—43.
                3.  Ильин П.  «Уолан  Эрилик»  ис  дьиҥэ  //  Чолбон.  1994.
                  № 6. — С. 185—211.




              220
   215   216   217   218   219   220   221   222   223   224   225