Page 216 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 216

Төрдүс ырыа

                Тула уот ортотугар кыра оргул булгунньахха икки саастаах
             оҕотунаан  турар  Үчүгэй  Өрүүһэҕэ  Куйахтаах  киһи  ойутан  кэ-
             лэн, атыгар мэҥэстэн уоттан, өлүүттэн быыһыыр, атын биэрэн
             ыытар:
                             …
                             Уонна ат сүүһүгэр ол киһи
                             Сырдык туоһахтаны ууруур:
                             «Бырастыы, доҕоруом! Эн биһи
                             Аны көрсүөхпүт суоҕа», — диир.
                             Ол ат сиэлинэн намылыйан
                             Санааргыы, ытыы турара.
                             Уоһа ибигириир, халыйан
                             Хараҕын уулара түһэрэ.
                             Ат сылгы киһилии ытыырын,
                             Ааҕааччы, көрөр буоларыаҥ?
                             Арахсыһар күнүн кырыырын
                             Аҕам дьоннортон истэриэҥ?
                             …
                             Онно дьахтар үөһэ тыыммыта,
                             Ол киһиттэн ыйыппыта:
                             — Ок-сиэ, ким диэн киһи буолаҕын?
                             Сирэйгин тоҕо сабынаҕын?
                             Тугу эн миэхэ одуулуугун?
                             Тугу, тугу эн саныыгын?
                             Эн Эрилиги билэҕин дуо?
                             Кырасыабай дииллэр, кырдьык дуо?
                             Дьиэтигэр талба дьахталлары
                             Харыларыттан тиһэр диэн?
                             Суолугар өлбүт оҕолору
                             Үктэл оҥостор диэн.
                             Куйахтаах  киһи
                             Аарт-татай!
                             Үчүгэй  Өрүүһэ
                             Тойон Дуолан хотуна баарым,
                             Үчүгэй Өрүүһэ — мин аатым.
                             Эн кимҥиний?
                             Куйахтаах  киһи
                             Айбытым миэнэ аат диэни
                             Аас олох муҥар умнубут,

              216
   211   212   213   214   215   216   217   218   219   220   221