Page 221 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 221

ИВАН ЕГОРОВИЧ СЛЕПЦОВ–АРБИТА
                                  (1913—1943)


            Иван Егорович Слепцов-Арбита са-
         ха литературатыгар бэлиэ суолу хаал-
         ларбыт уһулуччулаах бэйиэт, тылбаас-
         чыт  быһыытынан  биллибитэ.  Кини
         олорбут кэмэ сүүрбэһис үйэ дьалхаан-
         наах бастакы аҥаарыгар түбэспитэ. Ар-
         бита 1913 сыллаахха ахсынньы 29 кү -
         нүгэр  Мэҥэ  Хаҥалас  оройуонугар
         Тараҕай  нэһилиэгэр  төрөөбүтэ.  Но-
         моххо киирбит Бэрт Маарыйа удьуор-
         дарыттан  Күннүк  Уурастыырап,  Лео-
         нид Попов, Иван Арбита диэн биллии-
         лээх суруйааччылар үөскээбиттэрэ.
            Арбита  1935  сыллаахха  Дьокуус-
         кайга  учуутал  техникумун  бүтэрбитэ,  онтон  саҥа  аһыллы-
         быт  учуутал  институтугар  үөрэнэн  иһэн,  уурайан,  учуутал-
         лаабыта,  хаһыакка,  кинигэ  кыһатыгар  үлэлээбитэ.  Элбэхтик
         ааҕара,  суруйар  идэҕэ  ылларбыта,  талааннаах  тылбаасчыт
         этэ.  А. С. Пушкин,  М. Ю. Лермонтов,  В. Я. Брюсов,  А. А. Блок,
         С. А. Есенин, В. В. Маяковскай, атын да омуктар бэйиэттэрин
         айымньыларын тылбаастаан, саха ааҕааччытыгар тиэрдибитэ.
         Поэзия  араас  көрүҥэр  үлэлэһэрэ,  сонун  уобарастары  кил-
         лэрбитэ,  хоһоонунан  этии  куорматын  байыппыта.  Ити  курдук
         үлүһүйэн,  айа-суруйа  сырыттаҕына,  1942  сыллаахха  кинини
         олоҕо суох буруйдаан хаайбыттара, онтон эргиллибэтэҕэ.
            Арбита олоҕун, айар үлэтин чинчийбит дьон үрдүктүк сыа-
         налаабыттара.  Саха  норуодунай  бэйиэтэ  Сэмэн  Руфов  Иван
         Арбита «Көмүс күрүлгэн», «Муҥурданыы» диэн икки томнаах
         хомуурунньугун  таһаартарбыта,  литература  үөрэхтээхтэрэ
         И. Г. Спиридонов,  А. А. Бурцев,  Е. А. Архипова  анал  чинчийии
         оҥорбуттара.


                                  ДОЛГУННАР
                                     (бэйиэмэ)

                         Мин бүгүн кынаттаах аппынан
                         Былыкка куйаардан эрэрдии,
                         Хомуһун-кубулҕат аппынан
                         Хоһоонум кутуллан эрэр дии!


                                                                      221
   216   217   218   219   220   221   222   223   224   225   226