Page 223 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 223

Ол мүөтүн ыймахтаан бараммын
                         Уоскутуох этим ыар уордарбын!

                         Мин санаам ыарахан тимирэ
                         Долгуну туоруурга сорунан,
                         Киэҥ үөскэ тимирэ-тимирэ
                         Күөрэйдэ тыын быстар сорунан.

                         Силлиэ тыас часкыйан ытыырын
                         Улахан куттал диэн көрбөккө,
                         Туораатым күрүлгэн ытыырын
                         Харахпын кэннибэр көрбөккө.
                         Этиҥнээх буурҕабыт аһынна,
                         Мин буллум үрдүк таас хайабын.
                         Тыал тоҕо бу миигин аһынна? —
                         Биллэҕэ мин киммин-хайабын.
                         Дьэ куоттум дьиктибин айаммын…
                         Туох баарай бу мантан ыар, этиҥ?
                         Көрдүгүөт баламат айаммын —
                         Күөх долгун, таллан таас, ыар этиҥ!
                         Оол, мииҥин куоттаран, кыһыйан
                         Эбэккэм хараҕын симмэхтиир,
                         Кырылас кумаҕын кыһыйан
                         Кыллырҕас куттаҕар симмэхтиир.

                         Уотунан кытыастан, кытаран
                         Силлиэ тыал күрэнэ турбута.
                         Сүрэҕэр үөрүүтүн кытаран
                         Биэрэккэ бэйиэт уол турбута.

                         Киэҥ халлаан аһаҕас уолугар
                         Буурҕа тыал күрэнэн хааллар да,
                         Тыл ууһа тойуксут уолугар
                         Бэйэтин бэлиэтин хаалларда.
                         Ол бэлиэ сүрэхтэн сууллубат…
                         Мин үрдүк ыллыкпын ыйыаҕа,
                         Буурҕаттан охтубат, сууллубат
                         Маягын үрдүбэр ыйыаҕа.
                         Хараҕым иирдэ дуу? Суох, атын —
                         Халлааҥҥа көтөллөр паарустар —
                         Ол уордаах Элиэнэ суо-хатын
                         Аныардаах үөһүттэн паар устар.

                                                                      223
   218   219   220   221   222   223   224   225   226   227   228