Page 222 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 222
Таптыыбын бу манна бааллары —
Бу күөҕү, бу халлаан саҕаҕын,
Эҥсиллэр иҥсэлээх бааллары,
Кирис тыам! Эн кэрии саҕаҕын.
Таптыыбын күөх быйаҥ сааһынан
Ньургуһун сибэкки тылларын,
Бу тойук маннык саас-сааһынан
Суккуллар дьиэрэҥкэй тылларын.
Аттыбар кыракый көлүйэ,
Анныбар Лиэнэ биир салаата.
Көбүөхтүүр күүстэрин көлүйэ
Күөх долгун биэрэги салаата.
Көрүлээ, күүгүнээ, чэ, Лиэнэ!
Эн уоргун, уо, дьэ туох тохтотуой!
Киэргэннэ биэрэгиҥ чэл иэнэ,
Киниэхэ күөх уунан тохтотуой!
Таас хайа! Кылбайар кырыыгын
Көй салгын сууйбатах муҥунан,
Көбүөхтүүр сүүрүгү кырыыгын
Күрбэ таас күөмэйиҥ муҥунан.
Эйиэхэ бокулуон уураары
Элиэнэ бэккэ да кыһаллар,
Эн уоттаах уостаргын уураары
Долгуннар таастары кыһаллар.
Турдулар бараммат баараҕай
Көбүөхтүүр долгуннар. О, Лиэнэ,
Эн түллэр бардамыҥ баар аҕай,
Уордайда кэй киэбиҥ ол иэнэ.
Силлиэ тыал силлиэрдин баҕардар!
Синэ биир — бар ытаа, бар ыллаа.
Эбиитин элбэххэ баҕардар
Эрэй уон арааһын барыллаа!
Хаһыырар буурҕалаах сатанан
Ыар былыт халлааны сабыыта,
Сылдьыбыт сырыым дьэ сатанан
Суйданна саарбах өй сабыыта.
Мин уҥуор биэрэккэ бараммын
Уоттаах түүн кистэлин уордарбын,
222