Page 219 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 219

Оттон эн аҥаардас Уолан
                         Хайа суолунан барыаххыный?
                         Хаһан, ханна ким-туох буолан
                         Эн биһи көрсүһүөхпүтүй?

                         Дьыллар буолбуттар. Арай кини
                         Дохсун суолунуун сойбута,
                         Айыылаах-буруйдаах ол киһи
                         Аан алаһаттан тэйбитэ.



                Ыйытыылар уонна сорудахтар

            1.  Бэһис ырыаҕа Айталы Куо өлүүтэ айымньы муҥутуур чып-
               чаала буоларын быһаарыҥ.
            2.  «Ытаа,  үс  үөстээх  Өлүөнэ,  Ытаа,  тулаайахсыйбыт  Сай-
               сары,  Ытаа,  саадахтаах  сахам  бииһэ,  Ытаа,  кылыстаах
               Көҥүл кыыһа!» диэн дьоруой бу айманыыта тугу туоһулуу-
               руй?



                Тыыннаах тыл

            y   Тутулунан уонна ис хоһоонунан, сүрүн дьоруой норуотун туһу-
               гар  охсуһуутунан  айымньы  олоҥхону  санатарын  ырытыһыҥ.
               Бэйиэмэ олоҥхоҕо маарынныыр түгэннэрин кэпсэтиҥ.
            y   Өйтөн суруйуҥ: «Арай суоҕа биир: киһи диэн чиэһэ, Киһи Ийэ
               сиригэр иэһэ»; «Дьулуура — үрдүк, модун — санаата».


                                                    АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ

               «Көҥүлгэ тардыһыы — бу үтүө уонна мөкү киирсиитэ» диэн
            санаа тула кэпсэтиІ.


                                              АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ


               «Уолан Эрилик» бэйиэмэ 6, 7, 8 ырыаларын салгыы ааҕыҥ.
            Байҕалга монолога, доҕоро Дьэргилэ аҕатын кытта көрсүһүүтэ,
            Куйахтаах  киһи,  Кэлгиэлээх  киһи  буолуута,  о. д.а.  туһунан
            билиэххит. Уолан Эрилик дьылҕатын быһаарарга холонуҥ.




                                                                      219
   214   215   216   217   218   219   220   221   222   223   224