Page 215 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 215
Оттон эн миигин сээн диэбэтиІ
Биирдэ бу кылгас µйэбэр,
Миэхэ биирдэ ійіл буолбатыІ
Ґірэр да, ытыыр да кµммэр…
Бырастыы, ыраах-ыраах бардым,
Мин биллибэт ол дойдуга:
Мин хоргута, мин ытыы бардым,
Мин — бараммыт биис ордуга.
Уонна ол киґи аал дууп маска
Сіґµргэстээн туран ытаабыт,
СаІата суох устан, мутукка
Хааннаах саада±ын ыйаабыт…
Онно Туймаада, сэгэрдэрим,
Дьахтар буолан, аал дууптан тµґэн,
Илин-кэлин кэбиґэрдэрин
Тостубут кынаттыы сыґан,
Кэрэ сирэминэн киэргэппит
Киллэм киэІ хонууларынан,
Кубаны, сµіґµнµ µіскэппит
Хочолоох кµіх куулаларынан —
Аргыый наскылдьыйа хаампыт µґµ…
Ал±аан, ытаан ааспыт µґµ…
Туймаада! Кыталык манна аны
Кырдалгар кыІкыр ыллыа дуо?
Аарыма дуубуІ кµлµгэр аны
Ааґар айанньыт аарыа дуо?
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Аал дууп мастан тоҕо хомойоруй?
2. «Мин — бараммыт биис ордуга» диэн бэйэтин этинэрэ сөп
дуо? Эһиги туох дии саныыгыт?
3. «Туймаада! Кыталык манна аны Кырдалгар кыІкыр ыллыа
дуо?» диэн ыйытыыга хоруйдуурга холонуҥ.
215