Page 213 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 213
Төннөн ииҥҥэ киириибинэн,
Уол ох тутар дьолунан,
Охтон охтор оҥоруутунан,
Андаҕайабын
Кыыһын көрсөр уол үөрүүтүнэн,
Киниттэн арахсар абатынан,
Кыыһым cohyy cyhyoҕyнaн,
Сонньуйар хараҥа хараҕынан:
Иннибинэн чугуйуом суоҕа,
Кэннибинэн кэхтиэм cyoҕa,
Иккиттэн биирбит yмcyoҕa диэн,
Иккиттэн биирбит кыайдын, — диэн!
Былыр көрбүттэр: ыйдаҥа киэһэ
Мунчаарбыт уолан бухатыыры,
Дьилбэгэр өлүгү. Ол киэһэ
Муҥатыйар Уолан ытыырын,
Кини хараҕын уута саккыраан
Сырдык үрүйэ буолбут үhү,
Үйэ тухары кини сыккыраан
Өлүөнэҕэ түһэрэ үhү…
Тылбытын байытабыт
Нуукталлаах, этигэн, ньаймалдьыта диэн тыллар суолта-
ларын быһаарыҥ.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. «Оттон андаҕара?..
Кылыспар туонан
Кыраммыт тыллара?» — ким дууһата туохтан кыланна?
Манна туох ордук баһыйарый: кэлэйии, соһуйуу, абарыы,
абатыйыы…
2. Нуучча бухатыыра тугу сэһэргээтэ? Кини
«Сулус курдук сырдык,
Түүл курдук чэпчэки,
Бары айыылартан кырдьык,
Барыттан талбата кини…»,
«Эйигин кэрэтик саныы сылдьан
213