Page 211 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 211
Оччоҕо ол кыыһым үҥкүүлүү
Ол сэлэҕэ аргыый кэлэрэ,
Долгуйа, нуоҕайа үҥкүүһүт
Долгуйан, устан барара…
Ок-сиэ, сулус курдук сырдык,
Түүл курдук чэпчэки,
Бары айыылартан кырдьык,
Барыттан талбата кини…
Онуоха кыыс-сэлэ уруй дии
Сиэттиһэн дьулуруйаллара.
Албан аатын бары айхаллыы
Аргыый сүгүрүйэллэрэ.
Уонна саарба саһыл тэллэҕэр
Нуктуу кыыс нухарыйыыта,
Хара долгунунан олбоҕор
Cyhyoҕa намылыйыыта —
Кини оҕолуу yhyн уутун
Тула туран кэтииллэрэ;
Бары кини сүтэр аһыытын
Ыраланан ытыыллара…
Онно кини уута арахсара,
Оһуордаах хоһуттан тахсара,
Оччоҕо кыыһы эргийэннэр
Уһун үйэни этэллэрэ,
Доҕордорун төгүрүйэннэр
Долгуйар аһын өрөллөрө.
Оччоҕо yohyгap мичээрдээх,
Xapaҕap мунчаардаах,
Aaҕa дьүөгэлэрин ууруура
Аргыый уонна ытыыра.
Күннээх таҥараны көрбөккө,
Былыттаах халлааҥҥа быкпакка,
Онно кини ытыыр, муҥатыйар,
Кимиэхэ эрэ абатыйар…
Көспүт дьиэҕэ киэһэ лампаада
Санааргыы умулларыныы,
Кини мин санаабын аймаата,
Сµрэҕим миэнин абылыы…
Биирдэ түүн үөһэ ыйдаҥаҕа
Киниэхэ саһаммын кииртим,
Күөлгэ көрүнэ турдаҕына
Күлүгэр санааргыы үҥтүм.
211