Page 206 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 206

Ол дьиэҕэ Дуолан таптала хаммыт
                            Хотун кыыс — Үчүгэй Өpүүһэ
                            Айталы Куону арай аһыммыт,
                            Киирэр эбит киниэхэ киэһэ.

                            Кини Айталы Куо санааргыыта
                            Амарах тыла аралдьытар,
                            Куо муҥура суох мунааргыыта
                            Эрэли кэпсээн эрэмньитэр.
                            Арыт xapaҥa буолуута куустуһан
                            Иккиэн ытаһан бараллар.
                            Онтон иккиэн куру-һары түһэн
                            Саҥата суох өр олороллор…
                            …

                            Айталы Куолуун Тойон Дуолан
                            Сааныылаах көрсүһүүтэ илик.
                            Үчүгэй Өрүүһэ сылтах буолан
                            Күнтэн күҥҥэ көһөрүллэр эбит…
                            Ол да буоллар, тиэтэй эрэ, Уолан!
                            Күн ааһыа — үйэни сүтэриэҥ.
                            Үйэҕэр бар дьон элэгэ буолан,
                            Олоххун суҥхарыыга бүтэриэҥ.
                            Оччоҕо, сахам! Айталы Куоҕа
                            Сырдык тапталыҥ үөҕүллүө;
                            Оччоҕо, көҥүл Уолана, эйиэхэ
                            Үрдүк итэҕэлим тэпсиллиэ…




                    Ыйытыылар уонна сорудахтар
                1.  «Үйэҕэр бар дьон элэгэ буолан, Олоххун суҥхарыыга бүтэ-
                   риэҥ» диэн кими сэрэттилэр? Хайдах өйдүөххэ сөбүй?
                2.  Үчүгэй Өрүүһэ туһунан санааҕытын үллэстиҥ.

                                             II
                            Көмүс ыйым үрэх үрдүгэр
                            Үөһэттэн үөмүнэн көрүннэ.
                            Санааны санньытар сырдыгар
                            Саантанан халлааҥҥа yhyннa.
                            Күдэн көттө. Уолан иннигэр
                            Арылыас уола Тойон Дуолан

              206
   201   202   203   204   205   206   207   208   209   210   211