Page 202 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 202

«Мус, — диэбит, — чаҕардарда.
                            Харса суох хаһаактарда.

                            Саргылаанаҕа ыар ыалдьыт буол:
                            Ааттаах кыыһын күрэт биитэр уор!»
                            Уонна Арылыас уолун атаарбыт,
                            Саалаах дьоннорун утаарбыт…
                            Барыга түүн көмүс үлбүгэ
                            Түүл түһэрэн саһыарыыта,
                            Нухарыйар дьонум үрдүгэр
                            Нуктуур ырыа дьиэрэйиитэ —
                            Күдэн көтүө үчүгэй Өлүөнэбэр
                            Үчүгэй apҕaa биэрэгэр,
                            Санаата суох саймаарыччы,
                            Сайсарыга арай кыыс киирэр.
                            Хара долгун cyhуоҕун кылбаарыччы
                            Халаан уутунан сууйар.
                            Кини нуоҕайар хатыҥыгар
                            Нуоралдьыйан тиийэн олордо,
                            Оонньуур көмүс хомуһугар
                            Оҕотук уостарын таҕайда,
                            Дьүрүһүйэ хомус хоһунна,
                            Үлүһүйэ дорҕоон тоҕунна…
                            /…/
                            Хомус этигэн диэн дьон тылын,
                            Хойукку ааҕааччы, билэриэҥ?
                            Хомуһум туойар тойугун
                            Долгуйа ханна истэриэҥ?
                            Эрэйи эн көрбүттээх буолларгын,
                            Харахтан көмүс уу таммалыа:
                            Иннигэр эрэлэ суох буолларгын,
                            Элбэҕи, элбэҕи ыралыа…
                            Ууну сулустар килбэтэллэр,
                            Уолан иһэрин сырдаталлар:
                            Хара дьоруо элэмэс аттаах,
                            Куйахтаах, оһоллоох болоттоох.
                            Кини сүгүрүйдэ. Ол кыыһа
                            Уураата, моонньуттан кууһа.
                            Онно ыллаата дуораһыта
                            Уолан уолбат бу дьолунан,

              202
   197   198   199   200   201   202   203   204   205   206   207