Page 199 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 199
Дьикти дорҕоон тыаһаабыта,
Ааспыт күннэри дьүрүһүйэн
Аргыый миэхэ ыллаабыта…
Доҕоруом! «Өтөх төҥүргэһэ,
Сурт кириэһэ» диэн эмиэ баар;
Манна баар aйыыһыт алгыһа,
Аптаах кырыыһа манна баар…
Бу силлиэлээх муораҕа сылдьан,
Кыһалҕата суох мин ыллыам,
Киниэхэ, былыр оонньуу сылдьан,
Харах уутун түһээртим диэм…
1937 сыл, Хатыҥ-Арыы
Бастакы ырыа
Улахан Туймаада хочотугар
Баара элбэх саха балаҕана,
Күөл үрдүгэр, чараҥ ортотугар
Олорбута ол caҕана
Биир дьадаҥы кыыс ийэтэ.
Ол саха эмээхсинэ этэ.
Кини Саргылаана диэн ааттааҕа,
Саадьаҕай биир ынахтааҕа,
Биир кутуруга суох ыттааҕа,
Кырасыабай биир кыыстааҕа.
Өлгөм үүтү биэрэрэ ынаҕа
Уонна отун-маһын тиэйэрэ,
Ыта куһу, күтэри бултуура,
Түүҥҥү түөкүттэри куттуура.
Кыыһа — үрүҥ дьиэ үрүмэччитэ,
Хара дьиэ хараҥаччыта,
Тэҥнээҕэ эрэ кыталык көтөр,
Кыыс дьахтар оһуобайа,
Cанааҕа биитэр түүлгэ көстөр
Сахаттан кыраһыабайа.
Ол кыыс — эдэр дьон сырдык баҕата,
Кырдьаҕас ааспат абата,
Ол иһин үс сахам таптаабыт,
Айталы Куо диэн ааттаабыт.
199