Page 195 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 195
рыысатыгар таһааран халтарыттылар (ийэ онно сирэйин саба
тутунна), иһирдьэ киллэрэн оһох угаарыгар төбөтүн хампы
оҕустардылар (ийэ итиннэ бөттө), онтон аны туох да бокуойа
суох массыынаҕа олордон Намҥа атаардылар, сорох Чурапчы-
латта — хоһугар эрэ аҕалбатылар. Кэлэн-кэлэн Өксүүнньүйэ
эмээхсин бөтүөхтэс буолан хаалла.
Кэмниэ-кэнэҕэс, кыыстара тотон бүтүүтүн саҕана, туох да
быһаарыыга тиксибэккэ, эмээхсин таһырдьа ыстанна. Кыыһын
аһыйара улааппыт, ыксаабыт Өксүүнньүйэ: «Оҕом сыысчаана…
көмүһүм, чыычааҕым…» — диэн, мээнэ ботугуруу-ботугуруу,
дьиэтин ааныгар кэллэ. Кини санаатыгар оҕото ханна эрэ төн-
нүбэттии мэлийдэ. «Оҕом урут баччаҕа уруогун кэлэн үөрэтэ
олорор буолара. Ону сүгүн олорпокко, онно-манна соруйан
муҥнуурум, мөҕөрүм…» — өссө да элбэҕи ботугуруох, харах
да уута тахсыах быһыынан кини аанын аста. Модьоҕону ситэ
атыллатыах бокуой биэрбэккэ, хос иһиттэн үкчү кини кыыһын
курдук үөрбүт чэгиэн саҥа: «Ийээ!» — диэтэ. Ийэтэ ах барда,
хараҕын муҥунан көрдө уонна тоҕо эрэ сэниэтэ суох: «Хай-
даах!» — диэтэ, кыыһа кэлэн ийэтин кууһа түстэ.
— Хайа… Оҕом? Оҕокком баар, баар эбиккин дуу? — диэн,
быһаарыыта суох үрүт-үрдүгэр саҥарбахтаата, эмискэ үөрүүт-
тэн киэҥник мичээрдээн мичилийбитэ, хараҕын уута, оҕуруо
курдук сандаарбытынан, аллара куотан, таҥнары субуруйда.
Чахчы киниэнэ, кини кыыһа, кыысчаана Таня, субу бэйэ-
тинэн кэлэн, үөрэн-көтөн, көрөн-истэн чаҕылыҥныы турар.
Ол турдаҕына, кыыһа: «Ийээ, ханна сырыттыҥ, киһини күүт-
тэрдиҥ даҕаны!» — диэтэ. Ийэ онуоха күүтэн эрэйдэммитин
уонна куттаммытын өйдүү биэрдэ, кыыһа буоллаҕына ону баа-
ра, соруйан күлүү гыммыт курдук, эн күүттэрдиҥ диэн, төттөрү
балыйса турдаҕа. Оҕо көр итинник. Эмээхсин аны кыыһыран,
кыыһын мөҕөн барда:
— Бэйэҥ улдьааран, сүтэн бараҥҥын, аны төттөрү киһини
балый!.. Бэйи, эн ханна бачча айылаах сүтэ сырыттыҥ?.. Кыр-
дьык даҕаны! — диэтэ ийэ суон куолаһынан.
Кыыс буруйа суоҕун дакаастаата, биэчэр буолтун кэпсээ-
тэ, бириэмийэ ыллым диэтэ, эмээхсин ону эрэ истэн баран,
сымнаан, куолаһа намырыйан барда:
— Көр, бу оҕоккобун, ол тугу биэрдилэр?
— Чэ, сэрэй, ийээ! — диэтэ кыыһа.
Өксүүнньүйэ тугу да сатаан сэрэйбэтэ. Ол да буоллар,
кыыһын таҥаһын одуулаамахтаата. Атын саҥа таҥаһы кэппитэ
биллибэккэ дылы.
195