Page 191 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 191

бары  биир  санааны  сананан  истэхтэрэ  —  үөрэхтэрин  түмүк-
         тээн, олох биир кирилиэһин өрө ыттарга.



                Тылбытын байытабыт

               Бүлгүн — сарын кырыыта.
               Буруу — уу эрийэр сирэ, чүөмпэ.
               Аламаҕай — киһиэхэ эйэҕэс сыһыаннаах, элэккэй.
               Саары этэрбэс — сылгы тириититтэн тигиллибит мааны этэр-
            бэс.
               Күчүмэҕэй — ыарахан, уустук.
               Тыына-быара кылгаата — олус ыксаата.
               Сэбэрэтэ — дьүһүнэ.
               Тумсун тууһа — күлүү-элэк гыныыта.
               Иҥин да таттаран көрбөт — олох кыһаллыбат.
               Аат аҕай харата — нэһиилэ, аатыгар эрэ.
               Уһун оту оттуура биллибэт — уһуннук үчүгэйдик сылдьыа бил-
            либэт.
               Ытырыктаппыттык — дьиксиммиттик.
               Лабахай — сымала.
               Кытаҕас — ытыртарарга аналлаах уһанар тэрил.


                                                    АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ


               Н. М. Заболоцкай­Чысхаан  «Экзамен  иннигэр»  айымньыта
            сэрии  кэннинээҕи  устудьуоннар  олохторун  көрдөрөр.  Кэпсээн
            дьоруойа  —  Яков  үрдүк  үөрэҕи  бүтэрэр  эксээмэнин  иннинэ
            түбэспит быһылааннаах түбэлтэтэ ойууланар.
               Айымньыттан оччотооҕу кэм бэлиэ өрүттэрин туһунан тугу
            билиэххэ сөбүй? Киһи үтүөтэ Пал Палыч 1938 сыллаахха тоҕо
            хаайылла  сылдьыбыт  буолуон  сөбүй?  Устуоруйа  уруоктарыт-
            тан ылбыт билиигитин туһанан, айымньыга олох кырдьыгын
            көрдөрүү (реализм) туһунан кэпсэтиигэ кыттарга бэлэмнэниҥ.


                                              АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

            1.  «Албын­түөкэй  Таня  курдуктар  билиҥҥи  олоххо  бааллар
               дуо?» диэн тиэмэҕэ ток­шоуну бэлэмнээн ыытыҥ.
            2. Быһылааннаах кэпсээни суруйарга холонон көрүҥ.






                                                                      191
   186   187   188   189   190   191   192   193   194   195   196