Page 193 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 193

Кыыс  мааҕыын  сарсыарда  оскуолаҕа  баартын,  хойутаабы-
         тын, сүтэн хаалтын ийэ долгуйбут куолаһынан кэпсээтэ.
            — Хойутаабыт буоллаҕына, оччоҕо, кырдьык, тоҕо эрэ хойу -
         таатаҕа дии! — дьиэлээх киһи Өксүүнньүйэ кэпсээнин болҕом-
         толоохтук түмүктээтэ.
            Итиннэ ким да утарбата. Кыыс тоҕо хойутаабытыгар кэлэн
         хайдыһыы буолла.
            — Баҕар, доҕотторугар баарта буолуо?
            — Ээ, оннук буолуо… Урут сылдьар этэ дуо?
            — Эчи  суох,  уруога  эрэ  бүттэр,  дьиэтигэр  кыл  тыынынан
         тэбинэн кэлэр оҕо этэ, — Өксүүнньүйэ аһыннарар куолаһынан
         саҥарда.
            — Ээ, оччоҕо кэбис, кыыскыт биир эмэ оҕону кытта киинэҕэ
         бардаҕа дии, — дьиэлээх хотун быһаарбыт омунугар баттаҕын
         имэриммэхтээн, тарааҕын оҥостуммахтаан ылла.
            Ким эрэ, ити быһаарыыга сөбүлэммэккэ: «Хайа, мунан хаал-
         та  буолаарай?»  —  диэн  тыл  кыбытан  көрөөрү  оҥостуммута,
         сонно тута саҥата суох ыытылынна. Кыыс куоракка үөскээбит,
         онон мунуон хайдах да сатаммат эбит.
            Өр  кэпсэттилэр  да,  ханнык  да  быһаарыыга  кэлбэтилэр.
         Сөптөөх  түмүккэ  кэлээйэбит  диэн  кэпсэтэн  истэхтэрин  аайы,
         көрдүүр кырдьыктарыттан эбии ыраатан истилэр. Үүттээх итии
         чэйгэ  кэпсэтии  бэйэтэ  да  тахсымтыа  муҥнаах.  Онон  дьоно
         уйаара-кэйээрэ  суох  кэҥээри  гыммыттарын  билэн,  дьиэлээх
         Уйбаанчык саҥа өй угарга оҥоһунна.
            — Чэ, туох да диэҥ, кыыскыт оскуолаҕа тардыллыбыта буо-
         луо!  —  инньэ  диэн  баран,  улаханы  быһаарбыт  киһи  быһыы-
         тынан быар куустан кэбистэ.
            — Ээ,  эн  эттэххинэ,  оччоҕо  тоҕо  онно  бачча  хойутуур?  Эн
         ону миэхэ эт? — дьиэлээх хотун оҕонньоруттан ыйытта.
            Тугу  этэр  диэн  мустубут  дьон  Уйбаанчыгы  одууластылар.
         Уйбаанчыктара  буоллаҕына,  кыһалҕатыгар,  оскуолаҕа  үөрэм-
         мэтэх  даҕаны,  үөрэтэн  да  көрбөтөх,  муҥар,  остуорас  даҕаны
         буолбатах. Онон уруок кэнниттэн оскуолаҕа туох буолуохтаа-
         ҕын,  туохтан  тардылык  тахсыбытын  дьуугулаан  билбэтэ.  Ол
         иһин  мух-мах  буолан,  умуллан  хаалбыт  удьурҕай  хамсатын
         оборбохтуу сатаата.
            — Оттон оонньууллар ини… Оонньуу эҥин буолта буолуо, —
         диэтэ.
            Ити кэнниттэн мөккүөр эбии сытайда.
            Биһиги  дьоммут  мөккүөрдэрин  үгэнэ  буолан  эрдэҕинэ,
         Өксүүнньүйэ  кыыһа  Таня  суумкатын  таһынан  кыһыл  көмүс

                                                                      193
   188   189   190   191   192   193   194   195   196   197   198