Page 188 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 188
Дормидонт таҥаһын, харчытын халаппыт. Яков көмөлөһөргө
сананар.
Яков паспорын хостонон баран, өрө харбыалана түстэ. Сро-
гун милицияҕа уһаттарыахтааҕын умна сылдьар эбит, үс хо-
нук ааспыт. Дьэ аны ол айдаана буолла. Доҕордуулар аһаан,
бөҕөргөтүнэ түһэн баран, милициялыырга сүбэлэстилэр.
Кинилэр эбиэт ааспытын кэннэ кэлэн, Бористарыгар сыл-
дьан, тугу да ситиспэтэхтэрин кэпсээтилэр. Онтон тахсан
пас порт остуолугар, уһун синньигэс мас дьиэ нөҥүө муннугар
баар хоско, дежурка аттынан ааһыахтаах этилэр. Ону ааһан
иһэн, Яков дежурка ahaҕac аанын өҥөс гынабын диэн, эмискэ
тохтуу түстэ. Дьонугар имнэннэ.
— Тугуй? — диэтэ Ганя.
Яков саҥарбата. Сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх. Дьонугар
тугу эрэ хам имнэнэн кэбистэ. Көрбүттэрэ — кинилэр иннилэ-
ригэр, дежурка иһигэр, ханнык эрэ эргэ велосипед ыҥыыры-
гар аҥаар тоҕоноҕунан өйөммүт, эргэрбит соҕус сырдыктыҥы
өҥнөөх бинсээктээх, украиналыы ойуулаах косоворотка ыр-
баахылаах, уҥа иэдэһигэр уһун синньигэс чэрдээх, тор курдук
бытыктаах хара бэкир киһи арбы-сарбы буолан турар эбит.
Дежурнайы кытта куруубай соҕустук кэпсэтэриттэн иһиттэххэ,
кини бу велосипедка балыллыбыт, ол эрээри кинини онон
уор балыыр, тутар-хабар биричиинэ суох быһыылаах. Хара бэ-
кир киһи үлэтигэр хойутаан эрэрин, дежурнай онно эппиэт-
тиэхтээҕин, уулуссанан ааһан иһэр чиэһинэй киһини мээнэ
тутар сатамматын туһунан тугу эрэ киҥир-хаҥыр тыллаһар.
Анарааҥҥыта: «Тохтуу түс, сибилигин ыытыахпыт», — диир.
Яков көрдөҕүнэ, били гастроном иннигэр Таняны кытта
кэпсэтэ турар киһи. Чахчы кини. Дьэ өйдөөтө. Онтон өссө ор-
дук кини бинсээктэн соһуйда. Киниэнэ!.. Алҕаһыыр дуу?! Ки-
ниэнэ буоллаҕына бэлиэлээх: уҥа ис сиэбэр күөх чэрэниилэ
тохтубут, хаҥас тас хармаана хара сабынан абырахтаммыт
буолуохтаах. Ону кини өссө уоттаах бөппүрүөскэни алҕас ук-
тан сиэппитэ. Ону баҕас кини сыттары-сымардары, күөдьү-
йэн тахсыбыт буруолары өйдүүр. Ол эрээри алҕас буолаарай:
киһини алҕас туттарар эмиэ сатаммат ээ. Инньэ дии санаан
баран, доҕотторун диэки хайыспыта, Дормидонт дьүһүнэ эмиэ
уларыйан хаалбыт. Кини билбэт киһитин коверкот бүрүүкэтин
супту одуулаан турар эбит.
— Чэ-чэ, барыаҕыҥ, манна туох тахсыаҕын турдубут, —
диэн тугу да сэрэйбэккэ турбут Ганялара тиэтэттэ. Кини иһи-
гэр бэйэтэ эмиэ туспа кыһалҕалаах турбута. Доҕотторо хам-
188