Page 187 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 187
тар икки үрүүмкэни, биир бытыылка арыгыны туппутунан субу
сайбаҥнаһан тиийэн кэллилэр. Олус диэн эйэҕэстик дороо-
болостулар. Икки өттүбүтүгэр — муҥар икки олох мас иллэҥ
турбуттара — кэлэн олорон кэбистилэр. Дьэ үчүгэй. Хантан
сылдьар эдэр дьоҥҥутуй диэн буолла. Биһиги кистээбэтибит.
Онтон сылтаан аны билсэн, кэпсэтэн, оонньоон-күлэн киирэн
барыы буолла. Арыгыбыт бүтэн хаалла. Кыргыттарбыт хотон
испэттэр, үксүн биһигини күндүлүүллэр. Биһиги күндүлээн
көрдөхпүтүнэ, баһыыбалыыллар уонна быыкаатык уостарын
эрэ таҕайан ылаллар.
— Баһыыбалыыллар уонна испэттэр? — ыйытта Яков хайдах
эрэ ытырыктаппыттык.
— Ээ, баһыыбалыыллар. Мин тугу кистиэмий, хотторон бар-
дым. Киһим да миигиттэн оппото быһыылаах. Мин киһибэр
«туран барыах, сөп буоллубут» диэн көрдүм. Кыргыттарбыт
бырачыастаан айдаарса түстүлэр. Дормидонт үрүҥ куоптатын
бүлгүнүгэр бүлтэркэй ойуулаах кыыска букатын сыста олорон
кэбистэ.
Итини истэн, Яков хайдах эрэ этэ дьигис гынан ылла уонна
тугу да саҥарбакка иһиллээн олордо.
— Дьэ, мин ол да буоллар Дормидоммар барыах дии са-
таа, киһим туох иһин истибэт. Кыргыттарбыт буоллаҕына ыып-
паттар. Ити киһи бэйэтэ да өсөһө киирдэҕинэ, — оннук үгэс-
тээх. Эн кинини таһыйбытыҥ да иһин эргитиэҥ суоҕа. Мин
оһуохайы ахтыбытым туох да сүрдээх. Онуоха эбии иһиллээн
көөртүм, субу ханна эрэ чугас тыа иһэ сатарыы олорор. Мин
эмиэ өсөһөн турдум. Бардым да сабаас, ол кэриэтэ кыргыттар
хааллыннар диэн буолла. Ити киһи баара оччо айылаахтартан
арахсара кэлиэ дуо, букатын инчэҕэй лабахай курдук, сыста
сытар. «Чэ, эн баран оһуохайдас, мин тиийиэм, тиийбэтэхпинэ
манна кэлээр», — диэн баран, били үрүҥ куопталаах кыыһы-
гар эбии ыксаласта. Эн кинини билигин тимир кытаҕаһынан
даҕаны тардан, кыыстан араарыа суох курдуккун. Мин бараа-
ры турдум.
— Биһиги кинини сиэхпит суоҕа, бар! — дэһэн кыргыттар
киһилэрин тулалаан, саһыгыраччы күлсэ хааллылар.
Мин баран хааллым. Тиийбитим, доҕоор, дьэ оһуохай бөҕө
ааттааҕа сайда турар эбит, икки-үс эргиир буолан, омунугар
сирдиин ньиргийэ олорор.
Ганя оһуохайга балачча өр сылдьан баран кэлбитэ — киһитэ
суох, били кыргыттардыын барсыбыт. Ол курдук сылдьан,
187