Page 190 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 190

— Давай, миигин батыс! — диэтэ бөҕө, чиҥ куолаһынан.
                Анараа киһи тугу эрэ бырачыастаһан көрдө, ол икки арды-
             гар хантан кэлбиттэрэ биллибэккэ, икки-үс милиционер соҕо-
             тохто баар буола оҕустулар да, хара бэкир киһини мөрөйдөөн
             ылан, сержант хоһугар тарахаччытан киллэрдилэр.
                — Олор! — диэтэ сержант хара бэкир киһиэхэ. Киһи олордо.
                — Бу эн бинсээгиҥ дуо? — ыйытта сержант Яковтан.
                — Миэнэ! — оннук бэлиэлээх, маннык бэлиэлээх диэн буол-
             ла.
                — Бу эн бүрүүкэҥ?
                — Миэнэ! — диэтэ Дормидонт.
                — Ыл, уһулталаа, түргэн, түргэн! — диэн сержант көбүөлүүр
             куолаһынан хара бэкир киһиэхэ бирикээстээтэ.
                Бэрт сотору, этиэх түргэнэ, аны халабырдьыт бэйэтэ бак-
             кылаах ырбаахынан туран хаалла.
                … … … …
                Яков уонна Пал Палыч бу сарсыарда эрдэ уһугуннулар. Бү -
             гүн  кинилэр  түөрт  сыллааҕы  үөрэхтэрин  түмүктүүр  мүччүр-
             гэннээх күннэрэ. Ордук Яковка эппиэттээх күн түбэстэ. Кини,
             дьиҥэр, икки хос экзамены туттарар сүгэһэри сүктэ. Биирит-
             тэн  кини  мүччү  түстэ.  Төһө  да  сыыһа-халты  тутуннар,  кэнни-
             ки  күннэригэр  кини  элбэҕи  толкуйдаан,  кэмсинии-кэмиринии
             эрэйин  туораан,  сыыһатын  көннөрсө  сатаата.  Кини  олоҕун
             биир суол кэрдииһигэр түмүк оҥоһунна, кириэс туруорда. Аны
             билигин  бэйэтэ  дьону  сэрэтэр,  үөрэтэр  киһи  буолла.  Биир
             тыл, биир санаа!.. Аны билигин кини кыһыл сукуна сабыылаах
             остуол кэтэҕэр кэчигирэспит государственнай комиссия инни-
             гэр тахсан туран, иккис экзаменын туттарара тирээтэ. Билии
             билиинэн.  Онно  ыраас  суобаһынан  тахсан,  инники  кэрэ  кэс-
             кил, олох туһугар, уопсастыбаҕа, бар дьоҥҥо туһалыыр иһин
             экзамен туттарыахтаах. Бу төһөлөөх үрдүк чиэһий?! Кини, ону
             ситэ  сыаналаабакка,  ити  бутуллан  ылла.  Аата,  абата,  маны
             кини  эрдэттэн  өйдөөбүт  баҕас  буоллаҕын!  Кини  оччоҕо  төһө
             эрэ  ис  дууһатыттан  чэпчээн,  өрө  көтөҕүллэн,  дэгдэйэн  бүгүн
             сарсыарда  уон  чааска  кинини  түөрт  сыл  ииппит,  бүөбэйдээ-
             бит, оҕолообут институтун аанын арыйар этэ.
                Доҕордуулар  аһаан-сиэн,  конспектарын-кумааҕыларын  кы-
             бынан,  хосторуттан  аа-дьуо  тахсан  бардылар.  Куйаас  түһэн
             сырылаан  эрэр.  Сып-сырдык,  ып-ыраас  күн.  Ол  кинилэр  ин-
             ники  кэскиллэрин  сырдатар  курдуга.  Кинилэр  иннилэринэн,
             кэннилэринэн, эмиэ кинилэр курдук, кумааҕы тутуурдаах, кы-
             быныылаах эдэр дьон кус оҕотунуу субуһаллар. Кинилэр бука

              190
   185   186   187   188   189   190   191   192   193   194   195