Page 186 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 186
— Хайа, эн үнүрүүн хайдах сүтэн хааллыҥ? — диэн Яков
бүтэҥи соҕустук ыйытта.
— Ой, да! — дьахтар салгыны күүскэ эҕирийэн ылла. — Эйи-
гиттэн тэйэрбин кытта, миэхэ хулиганнар саба түспүттэрэ.
Эйи гин ыҥыра сатаабытым, истибэтэҕиҥ дуо?
— Суох.
— Санныбар иилинэн иһэр бинсээкпин сулбу тардан ылаат,
сырсан хаалбыттара, ону эккирэтиһэ сылдьыбытым. Онтон эр-
гийэн эйигин көрдүү сатаан баран булбатаҕым.
Яков итиннэ тугу да сатаан утарбата. Кини төрүт да он-
нук. Сонно утарсар тылы өйүттэн хаба тардан булбат үгэстээх.
Хойут, кэмниэ-кэнэҕэс, барыта ааспытын кэннэ, өй киирэн,
инньэ диэминэбин диэн абаланан хаалааччы. Бу сырыыга
кини утарсыан да баҕарбата. Дьахтар буоллаҕына, барытын
быһаарбыт киһи курдук туттан, аат аҕай харата төбөтүн төҥкөх
гынан быраһаайдаста, өссө кыратык мичийэн ааста. Бүттэҕэ
ол. Өр көрдөөһүн, сүтүк, кыһыы-аба барыта ол биир мичээ-
ринэн боруостанна.
Дьахтар икки өттүктэринэн оонньоон, аа-дьуо хааман, гас-
трономҥа киирэ турда. Яков туран хаалла. Кини хайыыр? От-
тон тыллаан биэрэн туттардахха? Дьэ оччоҕо көрүллүө этэ
кини хайдах хааман-сиимэн тэйиэккэлэнэрин!.. Ол эрээри
кэбис, тыллыыр Яков дьыалата буолбатах. Итинник суолунан
бардаҕына, дьахтар син биир уһун оту оттуура биллибэт. Ол
кэриэтин сылдьан эрдин. Көҥүл диэн күндүтүн Яков бэйэ-
тэ билбит киһи, кини ол иһин атын киһи көҥүлүн былдьыан
баҕарбат.
Яков уруккуттан билэр киһитин, Ганяны, көрсөр, ол киһи
кэпсээнинэн, хотуттан сылдьар Дормидонт диэн табаарыһын
кытта моһуокка ылларбыттар.
— Чэ, бэйи, мин кэпсиим, — диэтэ Ганя. — Дьэ биһиги
бэҕэһээ киэһэ пааркаҕа күүлэйдии, таарыччы оһуохайдыы тах-
сыбыппыт. Ол тахсан рестораҥҥа киирдибит. Ити киһи доку-
муонун apaahын, ыарыһах кэргэнигэр эмп оҥорторон илдьиэх
буолбут рецептэрин, харчытын уктан барбыт. Мин этэ сатаа-
бытым — хааллараар диэн, ону истибэтэх. Дьэ биһиги онно
уочараттаһан, биир муннук остуолу ылан, аһыах-сиэх курдук
олорунан кэбистэхпит дии. Төрүт да манна, куорат ааттаах
сиргэ кэлбит дьон, кыратык амсайан тахсыбыппыт. Онно тии-
йэн эбиннибит. Чэ, ортолуу холуочуйан олордохпутуна, арай
хантан кэлбиттэрэ биллибэт, икки мааны бэйэлээх кыргыт-
186