Page 183 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 183

тыына-быара  кылгаата.  Ол  омунугар  түбэһиэх,  тугу  эрэ  ула-
         ханнык баллыгыраан, саҥаран ылаттаата. Онтон сүүрдэ, хаһан
         да арахпатах эргэ таппаҕар бартыбыалын кыбыммытынан. Ким
         эмэ  ол  киэһэ  запонката  суох  буолан,  икки  харыта  ньыппа-
         рыллыбыт, соҕотох сорочкалаах киһи тыа быыһынан элэҥнээн
         сылдьарын  көрбүт  буоллаҕына,  ол  биһиги  киһибит  Яков  буо-
         луохтаах…

            Итинтэн  салгыы  Яков  милицияларга  тиийэн,  халаппытын
         туһунан  этээри,  дьахтарга  халаппыт  диэн  дьон  күлүүтүгэр
         түбэһэрэ  кэпсэнэр.  Онтон  тиһэх  кууруска  үөрэнэр  студен-
         нарга бэриллибит иккилии киһи олорор хоһугар тиийэр, онно
         табаарыһа Павел баар эбит.
            Павел,  биитэр  студеннар  ааттыылларыныы,  Пал  Палыч,
         киһи  үтүөтэ,  уҥуоҕунан  эрэ  намыһах,  хата,  ол  оннугар  са-
         рыннаах,  түөһэ  нап-нанаҕар  уонна  сэбэрэтэ  үчүгэй  —  сүүһэ
         маччаҕар, төбөтө улахан, лэппэгэр, сирэйинэн — дьэс алтан.
         Оннук киһи сорунан, дьиппиэриэҕинэн дьиппиэрэн уруок ааҕа
         олордоҕуна  (кини  оннук  ааҕааччы  даҕаны!)  —  билии,  үөрэх
         дириҥ далайын биирдэ эҕирийэн ылыах курдук дьүһүннэнэр.
         Дьүһүн дьүһүнүнэн, оттон үөрэх киниэхэ соччо бэринэ охсубута
         көстүбэт.  Ити  өттүнэн  Яков  киниэхэ  ымсыырыахтааҕар,  хата,
         бэйэм баһыйдарбын диир киһи бу сорсуйан кэлэн сыттаҕа…
            Пал  Палыч  үөрэҕэр  ортонон  айанныыр.  Ол  кини  үөрэххэ
         дьоҕура  суоҕуттан  буолбатах.  Кини  булгуччу  үөрэхтээһин  аан
         маҥнай тэнийиитин саҕана учуутал тиийбэт буолан, алтыс-сэт-
         тис  кылааһы  нэһииччэ  бүтэрбит  «суһал  оҥоһуулаах»  учуутал-
         ларга үөрэнэн абыраммыт уонна алдьаммыт көлүөнэттэн биир-
         дэстэрэ.  Билигин  кини  үрдүк  үөрэххэ  киирэн  ол  хаалбытын,
         көтүтүллүбүтүн  ситэринэ  сатыырыгар  күүһүн-күдэҕин  өһүллэ,
         былыргы ааттаах хааттыһыттары кэпсиир курдук, сорох түгэн-
         нэргэ түүннэри утуйбакка, икки хараҕа хаттаччы хатан хаалыан
         тухары  ааҕар.  Билигин  госэкзамен,  онуоха  бэлэмнэнэн  уһун
         түүнү быһа олорон баран, ити утуйа сытар киһи буолуохтаах.
         Чэ, бэйи утуйа түстүн…
            Яков сааһынан кинитээҕэр өссө аҕа буолуохтаах. Кини бэ-
         йэтин тылынан «очурга оҕустарбыт, тэхтиргэ тэптэрбит» урааҥ-
         хай. Тылын тамаҕыттан өйдөөтөххө, тыһыынча тоҕус сүүс отут
         аҕыс  сыллаах  дьыбар  тыына  кинини  балачча  хаарыйа  түһэн
         ааспыт, «доҕуурга ылларбыт туллук чыычаах курдук» (эмиэ ити
         бэйэтин  тыла)  өр  толугуруу  мөхсөн,  эрэйи  эҥээринэн,  муҥу

                                                                      183
   178   179   180   181   182   183   184   185   186   187   188