Page 178 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 178
чуумпу киэһэ сатыылаабытын иһин, кини кулгааҕар куугунас,
метеорологтар этэллэринии, сиккиэр тыаллаах этэ. Касса ин-
нигэр уонча киһи кэтэһэ туралларын көрөн, кини, поэт муҥу-
таан, «саахарга сыстыбыт сахсырҕаларга» тэҥнии санаата.
Кини ол «сахсырҕалар» аайы кыһаллыбакка aaha баттаан,
паар ка аанын анньан көрбүтэ, аан бэриммэтэ. «Туй-сиэ, эрдэ
кэлэн хаалбыт эбиппин!» — дии санаата кини.
Паарка аһылла илик эбит. Киһи төттөрү эргиллэн, биир
сиргэ кыайан тохтообокко, тула халаара сырытта. Биир да
билсэрэ түбэспэтэ. Тулуйуо, тэһийиэ суох курдук буолан бар-
да. Онтон мустубут дьонтон ойдом, паарка аанын быыһынан
антах, иһирдьэни одуулуу турар кыыһы көрдө. Маҕан холуста
ырбаахы сайбаҕар киэҥ бүлгүнүгэр олорбут бөдөҥ, бүп-бүл-
тэркэй дьэрэкээн ойуулар биһиги киһибит хараҕар быраҕыл-
ла түстүлэр. Оттон кылабачыгас буп-будьурхай баттах ахса
суох элбэх аптаах, нарын утахтара араастаан сарбынньахта-
нан кэлэн, ол чөҥөрүспүт ойуулар аттыларыгар кэккэлэһэн,
туох эрэ кэрэни, сонуну санаталлара. Онуоха эбии ол бат-
тах, oйyy-ohyop сиэхтээх ырбаахы иччитэ бэйэтэ дьүһүннүүн,
уҥуохтуун-иҥиэхтиин нуоҕайан-нусхайан тураахтыыра — ити
барыта маннык бэйэкээннээх чуумпу, сөрүүн киэһэҕэ эмискэ
тосхойор дьол сүрэ бэйэтэ-бэйэтинэн субу кэтэһэ-кэмчиэр-
кии, ыҥыра-тарда турарга дылы этэ. «Тыый, хайдах маннык
бэйэлээҕи аныаха диэри көрбөккө сылдьыбыппыный?!» — диэн
сөҕө санаата киһи.
Биһиги киһибит атын бириэмэтигэр, өйдөөҕөр-төйдөөҕөр,
кыыһы хайдах көрүө эбитин мин билбэтим, оттон ити этиллэр
кэмҥэ кини өйүгэр кыыс итиччэ киэркэйэн, тупсан көстүбүтэ
үhү… «Хайдах, тоҕо эмискэтэй?.. Көрдө көрөөт дуо?» — дии
саныы-саныы, киһи кыыһы супту одууласпахтаата. Эмискэ
күө дьүйэр таптал биитэр онуоха маарынныыр туох эрэ туһу-
нан кини ааҕара да, соччо итэҕэйбэт этэ. Дьэ ол бэйэтэ бу
кэлэн хаптаран эрэр. Киһи онтон куота, аралдьыйа таарыйа,
онон-манан тумна хаампыта, төгүрүйбүтэ буола сатаата да —
суох, туһа тахсыбата. Кини өйүн-санаатын, дууһатын туох эрэ
биллибэт күүс туһааннаах биир сиргэ булгу ытыйан аҕала
турар. «Кыыс буолбатах, буруу!» — дии санаата Яков уонна
эрдэ-сылла ол бурууга бэйэтэ киирэн биэрэргэ сананна. Кини
чугаһаан, кыыс одуулаһа турар сирин диэки кыҥастаһа сатаа-
та да, им-ньим барыһан турар бэстэр төрдүлэриттэн атыны
арааран көрбөтө.
178