Page 179 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 179
— Барышня, эн паарка айылҕатын олус да таптыыр быһыы-
лааххын?
Кыыс саҥа хоту аат аҕай харата эргиллэн, киһини букатын
улахаҥҥа уурбатахтык көрөн аһарда уонна туох да саҥата суох
төттөрү хайыһан кэбистэ.
— Сэрэйбит сэрэх!.. Сааһым тухары сирдэрбит муҥнаах-
пын. Хата, эн сөбүлээн кэпсэппитиҥ буоллар, мин оччоҕо
соһуйуо этим! — диэн биһиги киһибит курутуйар дуу, оон-
ньуур дуу былаастаан аргыый ботугураата. Кыыс, итини истэн,
биллэр-биллибэтинэн мүчүк гынан аһарбытын көрөн, киһи эр
ылла.
— Барышня, эн тоҕо соҕотоххунуй?
— Хайдах?.. Мин дьүөгэлэрбин күүтэбин, — диэтэ кыыс ба-
лачча сымнаабыт куолаһынан.
— Кэлиэхтэрэ суоҕа! — сүр эрчимнээхтик быһа баттаан хар-
дарда эдэр киһи.
Бэккиһээбит харахтар ити тылтан чаҕылыс гына түстүлэр.
— Эн ону хайдах биллиҥ?.. Чэ, ол эрээри баҕар буолуон да
сөп, — диэтэ кыыс истиҥник.
— Мин эмиэ… табаарыстарбын күүтэ сатаатым.
— Кэлиэхтэрэ, эрдэ буолбат дуо?
— Суох, кэлбэттэр! — киһи баһын быһа илгиһиннэ.
Инньэ диэн баран, кини доҕотторо кырдьык кэлбэттэрин
көрдөрөөрү, икки илиитин нэлэс гыннаран, кураанах салгыны
баспахтаан ылла. Кыыс онуоха тугу да утарбата, эргийэн, иэдэс
да биэрбэтэ.
— Быһата, мин алҕаһаабатах буоллахпына, эн биһикки бу
киэһэ иккиэйэх буоллубут быһыылаах. Оттон дьон мустар си-
ригэр чороҥ соҕотох сылдьар соччо бэһиэлэйин мин истэ да,
көрө да илик этим. Баҕар, эн истибиттээх буолуоҥ?..
Кыыс итиннэ эмиэ саҥата суох мичик гынан ылла. Яков
санныттан хайдах эрэ сүгэһэрэ түһэргэ дылы буолла… Бу да
буолбатар, муҥ саатар, кыайыы аҥаара, чиэппэрэ, уон гым-
мыттан биирэ буолуон сөп.
Ити кэнниттэн Яков аны соҕотоҕун сылдьар куһаҕанын өй-
дөтөн киирэн барда. Бэйэтэ да кини тыла тахсар киэһэтэ буо-
лан биэрдэ. Кини да буолбатах, атын ким эрэ уус тыллаах
устар ууну сомоҕолоон эрэрин курдук, бэйэтин тылын бэйэтэ
иһиллии, бэккиһии турда…
Кыыс, хаста да күүскэ дьигис гынан, күлэн ылбахтаата. Ки-
нилэр балачча кэпсэттилэр. Кэпсэтэн да диэн, үксүн биһи-
ги киһибит араатардаан таҕыста. Истээччитэ төһө да маҥнай
179