Page 177 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 177
НИКОЛАЙ МАКСИМОВИЧ ЗАБОЛОЦКАЙ—ЧЫСХААН
(1908—1987)
Саха талааннаах кэпсээнньитэ уон -
на литературнай кириитик Николай Мак-
симович Заболоцкай-Чысхаан 1908 с.
сэтинньи 11 күнүгэр тымныытынан су -
раҕырбыт Өймөкөөн оройуону гар тө-
рөө бүтэ. Ааҕааччыга 1927 сылтан бэрт
чаҕылхай кэпсээннэринэн уонна лите -
ратурнай-киритиичэскэй ыс та тыйала-
ры нан биллэн барбыта.
Олоххо тахсар күннээҕи түгэннэри
туох баалларынан көрдөрөр ис хо-
һоонноох айымньылары суруйар буо-
лан, Николай Заболоцкай кэпсээннэрэ
бэйэтин кэминээҕи социальнай-эко-
номическай, политическай утарсыылары реалистическайдык
көрдөрөллөр. Ол курдук кини кэпсээннэригэр үгүстэригэр кы-
лаассабай атааннаһыы, дьону көлөһүннээһинтэн, баттааһын-
тан, атаҕастааһынтан утарыта турсуу үөскээһинэ чорботуллан
ойууланар.
…Николай Заболоцкай талааннаах тылбаасчыт быһыытынан
эмиэ биллэр. Кини А. С. Пушкин «Капитанская дочка», «Повес-
ти Белкина», «Дубровский» диэн айымньыларын, А. П. Чехов
кэпсээннэрин уо. д.а. айымньылары сахалыы саҥардыбыта.
Эдэр ааҕааччылар, саха биир талааннаах прозаига, сырдык
юмордаах кэпсээнньит уонна биллиилээх литературовед эһиэ-
хэ анаан суруйан хаалларбыт кэпсээннэрин болҕомтолоохтук
ааҕаргытыгар ыҥырабын. Оччоҕо төрөөбүт кыраайгытыгар
ааспыт үйэ устатыгар тахсыбыт сүҥкэннээхэй уларыйыылары
кытта сиһилии билсиһиэххит.
Дмитрий Кириллин, суруйааччы
Ааҕыы, ырытыы
ЭКЗАМЕН ИННИГЭР
(сэһэнтэн быһа тардыылар)
Яков сынньалаҥ пааркатын үрдүк кирилиэһин өрө тахсан
иһэн, сүһүөҕэ кыратык мөҕөн ыларын билбитэ. Tөhө да наҕыл,
177