Page 176 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 176

Эйэҕэс майгы, үтүө санаа киниэхэ баара. Ханна барытыгар сыл-
             дьан  майгыта  элэккэйинэн  дьону  бэйэтигэр  тардара.  Москваҕа  Ли-
             тинскэй профессор, Утесов солист курдук чугас доҕоттордооҕо. Кини
             доҕотторо саха ускуустубата сайдарыгар сабыдыаллаабыттара саар-
             баҕа суох.
                Илья Дорофеевич санаатын уурдар эрэ түргэнник айааччы. «Хайы-
             һар  ырыатын»  начаас  суруйбутум.  Гитаранан  оонньуу  олордохпуна
             бэйэтэ тахсыбыта», — диир буолара. Ол — чахчы. Кини — талааннаах
             киһи, эрдэ биһиги кэккэбититтэн туораабыта хомолтолоох. Кини су-
             руйуута дириҥ философиялаах, туспа формалаах…
                Кини  олоҕун  сыала  норуокка  сулууспалааһын  этэ.  Өлүөн  инни-
             нэ:  «Өлөн  эрэбин,  туһалаатым  дуо,  Ньукулай?  Дьол  диэн  норуокка
             туһа», — диэбитэ.
                                                       Николай Павлов‑Тыаһыт,
                                                     Саха АССР үтүөлээх учуутала



             Аах. Бил. Туһан

                1.  Илья  Дорофеевич  Винокуров­Чаҕылҕан  /  [хомуйан  оҥор-
                   дулар  А. И. Винокуров,  Л. М. Сабарайкина,  киирии  тылы
                   суруйда  Н. Е. Винокуров­Урсун].  —  Дьокуускай:  Бичик,
                   2014. — 208 с.

































              176
   171   172   173   174   175   176   177   178   179   180   181