Page 172 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 172
Москва куораты тилэ хаамтым
Биир уһугуттан киинигэр дылытын.
Итэҕэйэр диэн суох буоллаҕына —
Икки харахпын саба баайыҥ:
Күтүр дьиэни, кыра куолаҕайы —
Куорат бары өттүн таайыам.
Уһун уубар утуйуохпар дылы
Умнуом суоҕа киэҥ, үрдүк киэбин,
Элбэх омук эйэлээх тапталын
Иҥэрэн турар Москва ийэбин.
5
Суорба хайа буоланнар
Күтүр үрдүк таас дьиэлэр
Тахсар күнүм уотугар
Күлүмүрдүү түстүлэр.
Ыраас халлаан лоскуйа
Үрэх курдук көстөр.
Уһуу салгын уоскуйан
Уулуссанан устар.
Дьон быстыбат мотуога
Биэрэгиттэн тахсыбат.
Манна — сырыы күргүөмэ,
Массыына ахсыма…
Суох буолан уулуссаҕа
Суол хомурах хаара, —
Трамвай сундулуйар
Төттөрү-таары…
Дьэ кыһыҥҥы чысхааным
Түүнү кытта ааста,
Бу, күн көрөр ылаана —
Сардаҥалаах саастан.
Кыһалҕа сыбарыттан —
Кыайыы бырааһынньыга,
Хаһыылаах хараҥаттан —
Уот кустук ураанньыга,
Бу аата — үтүө өттүнэн
Күн-дьыл уларыйда.
Улуу куоратым үрдүнэн
Улахан сарсыарда.
172