Page 168 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 168
Өлүөнэ биэрэгэр
Өкүлүүн барахсан!
1942 с.
Тылбытын байытабыт
Мээр ахтан — куруук суохтаан.
Дьаһабыл — салайааччы.
Халҕанын — аан аһыллар-сабыллар сорҕото.
Симилиэс тыал астан — манна: сэрии бүтэн диэн суолтаҕа.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. Устуоруйа, нуучча, саха литературатын уруоктарыгар Аҕа
дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии туһунан тугу билбиккитин
санатыһыҥ. Фроҥҥа уонна тыылга норуот хайдах курдук
холобура суох хорсун быһыыны көрдөрбүтүн туһунан, олох-
тоох матырыйаалга олоҕуран, бөлөҕүнэн үллэстэн кэпсэ-
тиһиҥ.
2. Сэриигэ барбыт аҕаларын, уолаттарын солбуйан, тыыл-
га оҕодьахтар ыарахан үлэҕэ хаалбыттара. Холкуостаах
Өкүлүүн кыыс туһунан хоһоон маассабай ырыа буолбута.
Ол төрүөтүн хоһоонтон көрдөөн буларга бөлөҕүнэн үлэни
тэрийиҥ. Сирдэтэр ыйытыыларгыт: хоһоон дьоруойа эдэр
кыыс буолара туох суолталааҕый? Хоһоон тэтимэ хайдаҕый?
Өкүлүүн уобараһа тугунан ордук кэрэхсэтэрий? Инникигэ
эрэл ханнык түгэннэргэ көстөрүй?
3. Эбии ааҕыы. «Сарсыҥҥыны саныыбын» хоһоону ааҕан ба-
ран, суругунан үлэҕэ туһаныҥ.
Аах. Бил. Туһан
1. Эллэй. Айымньылар. 1 том. — Дьокуускай: Бичик,
2014 с. — 240 с.
2. Копырин Н. З. Эллэй туһунан // Ырыалар. Хоһооннор. Поэ
малар. — Дьокуускай: Бичик, 2004. — 144 с.
3. Софрон Данилов. Эдэр Эллэй // Суруйааччылар уонна ки-
нигэлэр. — Дьокуускай: Кинигэ издательствота, 1980. —
С. 189.
168