Page 165 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 165
Чуумпу киэһэбэр,
иһирик иирэлээх биэрэгэр,
Чыычаахтарын тойуктара
сүрэхпин долгутуохтун!
1942 с.
Тылбытын байытабыт
Кыһыл фроҥҥа — Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр.
Кынаттаах биистэрэ — көтөрдөр.
Бастыҥ сыыдамынан — олус түргэнник.
Иэримэ дьиэбэр — төрөөбүт, күндү дьиэбэр.
Тыыннаах тыл
«Бырастыылаһыы» — ааспыт сэрии кэминээҕи саха поэзиятын
бүтүннүүтүн биир чулуу айымньыта, кыргыһыы хонуутугар охтубут
саха буойуннарыгар тыл үйэ-саас тухары өлбөөдүйбэт өйдөбүн-
ньүгэ» (Софрон Данилов). Итинник үрдүк сыанабыл бэриллибит
айымньытын уус-уран ситиһиилэрин болҕойон көрүөҕүҥ эрэ.
Бастатан туран, хоһоон ритмэ төрөөбүт сириттэн-дойдутут тан,
алаһа дьиэтиттэн, күндү дьонуттан арахсан, сэриигэ баран иһэр
саха киһитин өйүн-санаатын, күүстээх иэйиитин тиэрдэрдии нү-
һэр, дьоһуннаах. Кини арахсар чааска дьонун аймаабакка, санаа-
ларын бөҕөргөтөрдүү этэр тыллара хайдах курдук тиийимтиэний,
итэҕэтиилээҕий?
Уйулҕа туругун көрдөрөр түһүмэхтэрин ыллахха:
— Дойдутун, дьонун көмүскүү барарын ханнык тылларынан этэ-
рий?
— Улуу Лена эбэ кини иннигэр тоҕо чуумпурда, кыһыл көмүс
суол буолан кутулунна?
— Кимнээх тустарынан этэрий «Бухатыыр эһэлэрим былыргы
аартыктарын арыйан» диэн?
— Хоһооҥҥо «уот», «этиҥ», «хотой» тыллары туттуу хоһоон ис
номоҕун хайдах күүһүрдэрин толкуйдааҥ.
— Дьоно «алгыс талыытынан алҕаан» хааллахтарына, сал лаакка
хайдахтаах тирэх, өйөбүл буолуоҕай?
— Хоһоон тиһэх түһүмэҕэр кыайыыга эрэл, тыыннаах эргиллэн
кэлии үлүскэн үөрүүтэ айылҕа сааскылыы симэнэн ту руоҕар
баҕа санаа — барыта биирдэ холбонон этиллэн, хомолто
тугунан солбулунна?
165