Page 170 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 170
Ааҕыы, ырытыы
МОСКВАТААҔЫ ХОҺООННОР
1
Оо, Москва ийэ хотун,
Ол ааспыт дьылларга
Мин билэрим эн олоххун,
Эн бары муннуктаргын!
Киэһэ, сарсыарда көрөрүм
Кремль истиэнэтин,
Сүдү киһибит уҥуоҕар
Сүгүрүйэр этим…
Сир аннынан, сир үрдүнэн
Сиртэн үөһэ сылдьарым,
Манна өй-санаа дириҥин,
Таптал ырааһын буларым.
Алдьархайдаах сыллар кэлэн
Атын дьүһүннэммиккин:
Тимир куйаххын кэтэн,
Тигинии турар эбиккин.
Өстөөх кимэн киириитин
Ол иһин чугуппуккун,
Өргөс кылаан биитинэн
Уорун уҕарыппыккын.
Сүүһүнэн омук сүбэтин
Сөллүбэт модун түмүгэ —
Улуу Москвам, эн килбэйдиҥ
Уот өрөгөй күлүмэр.
Кэлэр олох кэрэһитэ,
Кэскил күнэ буолаҥҥын —
Аан дойдуну кэрэхсэтэн,
Аатыр, Москва дуоланым!
2
Көмүһүөм, хайдах этиэмий
Эйигин көрбүт үөрүүбүн?!
Дьэ биллим тыл кэрэгэйин,
Тыл эппэт кэлэҕэй күүһүн!..
Мин эйигин сүтэрбитим,
Ким эттэ этэй: «Кэтэһимэ,
170