Page 166 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 166
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
1. Эллэй сэрии кэминээҕи хоһоонугар тирэҕирэн, саха саллаа-
тын уобараһын айыҥ.
2. «Саха снайпера» киинэни көрөн баран, рецензия суруйарга
холонуҥ.
3. Эһэлэргит, хос эһэлэргит сэриигэ хорсун быһыыларын туһу-
нан тугу билэргитин кэпсэтиһиҥ, эбии матырыйаалла хо-
муйан, буойуннар ааттарын үйэтитэр үлэни былааннааҥ.
Ааҕыы, сэһэргэһии
ӨКҮЛҮҮН
Бары да үлэҕэ
Бастаата күн ахсын
Өлүөнэ биэрэгэр
Өкүлүүн барахсан.
Килбиктик көрбүтэ —
Эдэр кыыс көрүүтэ,
Илиибин туппута —
Эр киһи илиитэ…
Сэриигэ атаарбыт
Сэгэрин мээр ахтан,
Хаһан да мунчаарбат
Өкүлүүн барахсан.
Тракторист бэрдэ ол
Танкаҕа арахсан,
Тракторы ыытар уол
Биир да суох — дьэ, ыксал!
Колхоһа ыҥырда:
— Үөрэннин ким хорсун! —
Өкүлүүн туттарда
Тракторист дьон курсун.
Барыны баһылаан,
Бухатыыр да дьахтар!
Сир кырсын бысталаан
Тиэритэ бырахта.
Эһиил саас ол сирин
Сиэмэнэн ыһыаҕа,
Өлгөм, өҥ үүнээйи
Суугунуу тахсыаҕа.
166