Page 161 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 161
күүһэ» диэн ааттаах холкуос тэриллэр. Айымньы түмүгэр
Ымыы, үөрэҕин бүтэрэн, дойдутугар эмчитинэн үлэлии кэлэрэ
ойууланар. Налбыһах, кистээбит көмүһүн ылан баран, ханна
да барбыта биллибэккэ, сүтэн хаалар.
Тылбытын байытабыт
Хатат — чокууру охсон уот ыларга эбэтэр биилээҕи сытыы-
лыыр га аналлаах хаптаҕай тимир.
Көмүк көмнөх анныттан — халыҥ хаар анныттан.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Айымньыга дьон сыһыанын таарыйар ханнык сытыы про-
блемалары булуохха сөбүй, бэйэҕит санааҕытын олохтоох-
тук быһаарыҥ.
2. Ымыы уобараһыгар саха кыыһын ханнык бэлиэ өрүттэ
рэ баалларын туһунан кэпсэтиини салайан ыытарга бэлэм
нэниҥ.
3. Ааспыт үйэ 30с сылларын саҥаларыгар дойдубут олоҕор
буол бут уларыйыылар тустарынан устуоруйа уруоктарыт-
тан ылбыт билиигитин санатыһыҥ.
4. Устурууктар кыыс уобараһа саха дьахталларыттан бастакы
суруйааччылартан биирдэстэрэ Анна Денисовна Неустрое-
ваҕа майгынныыр дуо?
5. Айымньыга ол кэм хайдах көрдөрүллүбүтүн кириитик оруо
лугар киирэн, дьүүллэһиигэ кыттыҥ.
6. Бэйиэмэҕэ көркүлүү (юмор) оруолун туһунан кэпсэтиһиҥ.
7. Айымньы көрдөрөр кэмигэр сыһыаннаах виртуальнай экс-
курсияны бөлөҕүнэн бэлэмнээн көрдөрүҥ.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
Бэйиэмэҕэ ааптар санаатын этэр лириичэскэй киллэһик
сүрүн санаата суруйааччы айар ньыматын туһунан ханнык
санааны бигэргэтэрий? Ол туһунан атын суруйааччылардыын
туох мөккүөр (полемика) баар эбитий?
161