Page 156 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 156

Эмиэ үөлбүт мунду сыыһа, —
                              Иэмэ-дуома да буоллар
                              Ийэ өйүө укпута…
                              …
                              Тоҥмут буорга мас тэлээги
                              Лоһугураан барбыта,
                              Сиэр ат сампай кутуругун
                              Сэппэҥ-саппаҥ сахсыйбыта.
                              Ымыы кыыспыт ити курдук,
                              Дьолу була, киһи буола,
                              Ыраас күннээх сарсыардаҕа
                              Дьокуускайдыы турбута.
                              Бургучуйар үөлэстээх
                              Буор сыбахтаах балаҕана,
                              Бүтэ тоҥмут дьоҕус күөллээх
                              Бүтэй чуумпу алааһа,
                              Хара тыаҕа күлүктэтэн,
                              Хараҕыттан сүппүттэрэ.
                              «Этэҥҥэтик сырыт эн,
                              Эһиил кэлээр», — дэһэннэр,
                              Эдэр кыыска суол биэрэн,
                              Икки өттүн сэлэлээн,
                              Синньэ симэх киистэлэрин
                              Сипсиэр тыалга сиидэлэтэн,
                              Сэндэҥэрбит титириктэр
                              «Сибигиниир» эбиттэр.



                    Тылбытын байытабыт

                   Сукулааҥҥа — сугулаан, мунньахтыыр дьиэ.
                   Кыраҕыйа санаабыта — иһигэр куттана санаабыта.
                   Солох — мас күлэ ууга оргутуллубут суурадаһына.
                   Бойтуо — болтуо (нууччалыы пальто диэн тылтан).
                   Тирэҥсэ — чараас этэрбэс.
                   Матаҕа — кыра малы угарга аналлаах балык эбэтэр сүөһү ти-
                риитэ кыра хаа.
                   Муунта  —  ыйааһын  мээрэйэ,  фунт  диэн  тылтан,  454  грамҥа
                тэҥ.
                   Синньэ симэх киистэлэрин — оһуор курдук кэрэ, дьэрэкээн.
                   Сэндэҥэрбит — арыттаах, убаҕас ойуур.





              156
   151   152   153   154   155   156   157   158   159   160   161