Page 155 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 155

Онтуката баара, хата,
                          Олох атын буолбута…

                          Мэҥиэ туутун мундутун
                          Үөлбүттэрин устуруутал
                          Бэркэ таптаан, хайгыы-хайгыы,
                          Үөрэ-көтө чэй иһэн,
                          Олох-дьаһах ымпыгын,
                          Ону-маны ылҕаабыта.
                          Кэлин кини, онтон дьэ,
                          Кэлбит сыалын эппитэ:
                          «Ымыы эргэ барара
                          Ыраах эрдэ билигин,
                          Куораттастын миигин кытта, —
                          Кууруска эҥин үөрэниэ…
                          Үүнэр, эдэр киһи киэнэ
                          Үрдүк дьоло, кэскилэ
                          Үөрэниигэ эрэ буолар.
                          Үтүө суолу тумнубатын…»

                          Ылбай уола, дьиҥинэн,
                          Ымыы барар буолбутун
                          Сөбүлээбэт эрээри,
                          Сөпсөһөргө тиийбитэ:
                          Уруккутун буруй туттан,
                          Утарсыаҕын дьулайбыта.
                          Дьэбдьиэй эмиэ аатын эрэ:
                          «Дьэ сөп, бардын», — диэбитэ.
                          Ити түүнтэн ыла кини,
                          Икки-үс күн устата,
                          Ыраах айан суолугар
                          Ымыы кыыһы тэрийбитэ.
                          Суоҕу-баары бэрийэн,
                          Солоҕунан оргутан,
                          Cууйан-тараан, абырахтаан,
                          Суорҕан, тэллэх оҥорбута.
                          Бороҥ куобах саҕалаах
                          Бойтуо сыыһа тикпитэ,
                          Тэстэн хаалбыт тирэҥсэтин
                          Тилэх салҕаан биэрбитэ.
                          Эриэн тирии матаҕаҕа:
                          Иэдьэгэйдээх лэппиэскэ,
                          Икки муунта сиикэй арыы,

                                                                      155
   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159   160