Page 150 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 150
Кыһын кэлэн да истэр,
Хара сири маҥхата,
Хаарбыт түһэ илигэ.
Бээдэрэлээх, ыаҕайалаах
Муммут кыыһын көөчүктүү,
Бэртээхэй диэн туолбут ыйбыт,
Бу сир муҥун билиммэттии,
Ыраах халлаан куйаарыттан
Ыйдаҥатын кутар этэ.
Ымыы кыысчаан ытамньыйа,
Ынах ыырын ылгыы сыыйан,
Силис-мутук тыаһыттан
Сирдиргэнэн-куттанан,
Икки өттүн кэтэнэ,
Иннин хоту испитэ.
Иһириктээх ойуур тыата
Иҥэн-сүтэн бараныыта,
Ээбиллэлээх эбэтэ
Эҥэлдьийэн кэлбитэ.
Итии салгын эҥсэр тыына
Ил-ил гына биллибитэ.
Хойутаабыт кустардаах
Хомустаах күөл атаҕар,
Туп-туруору эмпэ сыырдаах
Тумул хоннох тоҕойугар,
Тума курдук туналыйар
Тумарыктаах ыйдаҥаҕа —
Кыра соҕус кырыы от
Кырыаланан көстүбүтэ.
Ол боспуйа күрүөтүгэр
Оргууй тиийэн тохтообута.
Оҕо кыысчаан төбөтүгэр
Ол-бу куттал туолбута.
Куула диэки барыаҕын —
Куһаҕан өтөх турара.
«Иччилээх, чыычый дьиэ» диэн
Ийэтэ Дьэбдьиэй этэрэ.
Оттон арҕаа халыйыаҕын —
Ойуун кэрэҕэ баар этэ.
Халыҥ сискэ тахсыаҕын —
Хараҥа түүн үөһүгэр
150