Page 146 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 146

Ону сүбэлэһэ ыҥырдым. Чэйиҥ, хайаҕыт сүрэҕэ чугаһый, этэн
             иһитиннэриҥ?
                С ы л г ы һ ы т. Хайабыт сүрэҕэ төрөөбүт ийэбититтэн ыраах
             буолуой.  Ол  гынан  баран,  Кыыра  биһикки  иккиэн  ыал  хам-
             наччыттарабыт. Онон кыахпыт суоҕа дьон билиитинэн биллэр.
             Арай  онон,  оттон  убайбыт,  Одьулуун,  ылыаҥ  буоллаҕа  дии,
             бэйэҥ бас билэр сүөһүлээх-астаах, дьиэлээх-уоттаах киһи.
                С а й с а р ы.  Хайа,  нохоо,  Одьулуун,  тоҕо  саҥарбаккын,
             инилэриҥ тылларын туох диигин?
                О д ь у л у у н.  Мин  ол  соҕотоҕун  тугум  буруйугар  иитиэ-
             мий? Сыл биэстэн биирин көрүөм, онтон ордугун атын оҕолор-
             гор сырыттаҕыҥ дии. Итиччэтигэр даҕаны, миэнэ ороскуотум
             үксүүр.
                С а й с а р ы.  Өссө  ороскуоттаах  баҕастаах.  Баайга  иитил-
             лэҥҥин санааҥ бүтүннүү барыс эрэ эккирэтиитэ буолбут дии,
             быһыыта. Мин оҕом буолуо дии санаабытым, кэҕэ оҕото эбик-
             кин  дии.  Чэ,  кэбис,  бар,  тахса  тур,  өрө  тардыма,  өрүһүйүмэ,
             бостуой  барыһыҥ  хаалыа…  Били  оҕом  Ньургуу  истэрэ  буол-
             лар, төһө эрэ кэлэйэр этэ, күтүртэн.
                О д ь у л у у н. Холдьохтоххутуна барымына хайыамый, хата,
             барабын. (Тахсар.)
                С  а  й  с  а  р  ы.  Күтүр.  Киһи  диэн  иитиллибитинэн  да  буо-
             лар  эбит.  Туох  гынаары  оҕобун  кэҕэлэргэ  биэртим  буолуой.
             Чэйиҥ, олоруоххут дуо, барыҥ тойотторгутугар, миигин туох-
             хутунан иитээри эһиги олороҕут? Туох аньыым иннигэр үрдүк
             таҥарам  миигин  кэбилиир  үһү,  оҕобун  сотору  туруораа  ини.
             Оччоҕо  оҕом  Ньургуу  биһикки  бэйэбит  да  олоруохпут.  Били
             уол киирдэ дуу, суох дуу?
                М о һ у о к. Баарбын, ийээ.
                С а й с а р ы. Хайа, тукаам, эдьиийиҥ соботуттан амсайан
             эрэр дуо?
                М о һ у о к. Эдьиийим суох ээ…
                С а й с а р ы. Но, ол оҕом ханна бардаҕай. Ол иһин арыый
             дьэгдьийдим диэбитэ эбээ. Бука, булгунньаҕын тэллэҕэр тах-
             сан сайылыгын көрө олороохтоотоҕо буолуо.
                С ы л г ы һ ы т. Ийээ, тугу да билээхтээбэккин ээ, оҕоҥ,
             оҕобут куһаҕан буолбут дии…
                С а й с а р ы. Туох даа?
                С ы л г ы һ ы т. Оҕобут куһаҕан буолан сытар диибин…
                С а й с а р ы. Куһаҕан буолан даа?.. Ханна баарый? Илдьиҥ
             эрэ  миигин.  (Илдьэллэр.  Оҕотун  сирэйин  имэрийэн  көрөр.)
             Тоойуом… тоойуом, хайыы үйэҕэ тымныйан хаалбыт эбиккин

              146
   141   142   143   144   145   146   147   148   149   150   151