Page 149 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 149

ВЛАДИМИР МИХАЙЛОВИЧ НОВИКОВ–
                            КҮННҮК УУРАСТЫЫРАП
                                  (1907—1990)

            Саха норуодунай бэйиэтэ Влади мир
         Михайлович  Новиков-Күннүк  Уурас -
         тыырап  Амма  улууһугар  Эмис  нэһи-
         лиэгэр  1907  сыллаахха  төрөөбүтэ.
         Кини  хоһоонньут  быһыытынан  Иркут-
         скай куоракка үөрэнэр кэмигэр ордук
         биллибитэ.  «Быстах  ырыалар»,  «Уһук-
         тубут кыраайга», «Күөх унаар кыраай-
         га»  диэн  хомуурунньуктарыгар  саха
         дьонугар  саҥа  олох  кэлбитин  айылҕа
         уһуктар кэрэ кэмин кытта дьүөрэлээн
         хоһуйбута. Кини сахалыы хоһоону тэҥ
         сүһүөхтээх    (силлабическай)     сонун
         куор маҕа киллэриитэ оччотооҕу кэмҥэ
         олус сонуннук иһиллибитэ. Күннүк Уурастыырап хоһооннору-
         гар хатыламмат уобарастары сатаан айар, көрү-күлүүнү сата-
         быллаахтык туһанан киллэрэр, онон кимтэн да уратытык этэр,
         хоһуйар  ньымалааҕын  аахпыт  эрэ  барыта  биһириир.  Бэйиэт
         саха  литературатын  көрүҥ  (жанр)  өттүнэн  эмиэ  ба йыппыта.
         Эһиги быйыл кини «Ымыы уонна Налбыһах» диэн айымньытын
         билсиэххит, кэрэхсии ааҕыаххыт.



         Ааҕыы, ырытыы
                         ЫМЫЫ УОННА НАЛБЫҺАХ

                                     (бэйиэмэ)

                                         I.
            Ылбай  уола  Ылдьаалаахха  ыалдьыттар  кэлэн  олороллор,
         арааһы  сэһэргэһэллэр.  Кинилэр  барааттарын  кытта  дуруус-
         каһыт Хобороонньо бу ыаллар кыыстарын Ымыыны Налбыһах
         оҕонньорго  кэргэн  биэриҥ  диэн  кэпсэтэр.  Дьадаҥы  ыаллар
         баай  киһиэхэ  кыыстарын  биэрэргэ  сөбүлэһэллэр.  Налбыһах
         кэргэн кэпсэтэ кэлбитигэр, кыыс куотан, мээнэ барар…






                                                                      149
   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154