Page 145 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 145
төбөбөр баайдыннар. Чэ, эн үчүгэй киһи буолаар, тиллээр
уонна Быыпсай оҕонньорго хаһан да хамначчыт буолаайаҕыт.
Миигин сынньаллара. Иһиттиҥ дуо, тоойуом?
М ү л д ь ү. Иһиттим.
Н ь у р г у у. Быраһаай, балаҕаныам… (Аргыый туран тахсан
иһэн, ааҥҥа тиийэн баран сөтөллөр, онтон тыына хаайта-
ран, аҥаар атаҕын атыллаабытынан охтон түһэр, илиитинэн
талбаа таамахтанан баран, хамсаабат буолан хаалар.)
Мүлдьү куттанан суорҕанын бүрүнэр. Чуумпу буолар.
Онтон С ы л г ы һ ы т уонна К ы ы р а ааҥҥа көстөн кэлэллэр.
Кыыра ноторуускалаах. Сылгыһыт оҕуур кирис өтүүлээх, бас быалаах.
К ы ы р а. Тыый да, оҕобут Ньургуу!
С ы л г ы һ ы т (тутан көрөр). О, сор буолар эбит… Оҕобут
куһаҕан буолбут буолбат дуо… (Бэргэһэлэрин устан кириэс-
тэнэллэр.) Киллэриэх…
Көтөҕөн уҥа ороҥҥо киллэрэн сытыараллар. Кыыра сыттык мас аҕалан
төбөтүн анныгар уурар. Сылгыһыт көхөҕө үрүҥ былаат турарынан сыҥааҕын
тардар. Быар куустараллар. Саҥата суох бастарын бүк туттан олороллор.
Кыыра ытыыр. Сотору соҕус буолан баран, таһырдьа Сайсары саҥата:
«Тоойуом, чэ, бар эдьиийгэр, бу балыгын илдьэ охсон биэр, баҕар,
амсайаарай. Дьэ, оҕом күүтэн «өлөөхтөөтөҕө» буолуо», — диир.
Уруккуларга С а й с а р ы киирэр.
С а й с а р ы. Но, аан аһыылаах эбит. Оҕом киирэн чаанньы-
гын өрбүт эбит буоллаҕа… Хайа, ким бааргыный?
С ы л г ы һ ы т. Ээ, Кыыра биһикки баарбыт.
С а й с а р ы. Сылгыһыккын дуо? Оттон били убайгытын
Одьулууну биллигит дуо?
С ы л г ы һ ы т. Иһэр, билигин кэлиэ.
К ы ы р а. Ээ, бу кэллэ.
О д ь у л у у н киирэр.
С а й с а р ы. Үс уолум үһүөн бааргыт дуо?
Ү һ ү ө н. Үһүөн.
С а й с а р ы. Чэ, оччоҕо истиҥ. Ити биир инигит босхоҥ
сытар, хаһан киһи буолара биллибэт. Ити биир бырааккыт,
Моһуок, кыра. Биир бырааккыт, Арамаан, тайҕаҕа бырадьаагы
баран турар, хаһан кэлэрэ, өлбүтэ-тыыннааҕа биллибэт. Биир
инигит Былатыан 12-лээҕэр куоракка күрээн кииртэ, сураҕа,
сайын үлэлиир, кыһын үөрэнэр үһү. Сэттэ уолтан киһини туһа-
лыах эһиги үс бааргыт: улахан уол Одьулуун, орто уол, баай
сылгыһыта Сылгыһыт, кыра уол баай сааһыта Кыыра. Биир
аҕаскыт Маайа үгүс оҕолоох, бэйэтэ дьадаҥы. Балтыгыт Ньур-
гуу ити сытар. Онон, дьэ хайаҕыт биһигини көрөр-хара йар?
145