Page 141 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 141

С а й с а р ы (сөһүргэстии түһэн, таҥараҕа үҥэн барар).
         О,  айыы  тойон  таҥарам,  аан  дойдуну  ситэрбит,  чэлгиппит
         бэйэҥ, тоҕо мин сордоох хараҕым уутугар, мин сорбор-муҥ-
         мар  наадыйдыҥ?  Тоҕо  мин  баар-суох  иитиэ-аһатыа  диэбит
         оҕом  сыыһын,  Ньургуубун,  ити  айылаах  кэбилээтиҥ,  тыын
         бы һаҕаһынан  тыыннардыҥ?  Мин  эйиэхэ  туох  аньыыны-хара-
         ны  оҥорбутумуй,  хаһан  биирдэ  куһаҕаннык  эйигин  санаабы-
         тымый? Арай күн тура-тура сиһим көммөккө үлэлиир эрэ хара
         сордоох этим буолбаат. О, айыы тойон таҥарам, оҕонньорбун
         тааһынан баттатан өлөрбүтүҥ, бэйэбин икки хараҕа суох гынан
         хараҥаҕа харбыалаһыннардыҥ, аны оҕобор сырдык тыыҥҥын
         түһэрдиэҥ?!  Аньыыны-куһаҕаны  сөбүлээбэт  үтүө  бэйэҥ  тоҕо
         бу аан дойдуга ынчыгы, харах уутун олохтуугун? О, тойон та-
         ҥарам,  аһын,  оҕобун…  оҕобун  ылыма,  миигин  тоҕо  тэбээмэ,
         өрүһүй,  тыынна  ук…  (Өр  сиргэ  умса  түһэн  сытар.  Онтон  ту-
         ран хаҥас диэки долбууруттан быыкаайык оҥоойуктан арыы
         ылан, уотун диэки кэлэр.) О, аал уотум иччитэ тойон эһэм, о,
         аан дойдум иччитэ Асхарыма Мичил хотун эбэм, туох иннигэр
         оҕобут  сыыһын  умсары  кыраатыгыт?  Хаһан  биһиги  эһигиттэн
         туохпутун матары аһаабыппыт, этэх-тутах туттубуппут баарай?
         Оҕобутун бэттэх аҕалыҥ, тыынна салҕааҥ, аһыныылаах сүрэх-
         хитигэр  сөрүү  тутан,  угуттааҥ,  ийэ  кутун  энчирэтимэҥ,  сал-
         гын кутун салытымаҥ. О, тойон эһэм, Аан Мичил хотун эбэм,
         мин сордоох сорбун сонотумаҥ, мин эрэйдээх эрэйбин элбэ-
         тимэҥ,  аһааҥ,  сиэҥ,  асхарыйыҥ,  чалбаалааҥ,  мичик  гыныҥ,
         күлүм гыныҥ, күлүм гыныҥ!.. (Уотугар ас биэрэр.)
                   Тахсан истэҕинэ утары  С а т а р а а л киирэн кэлэр.
            С а т а р а а л. Кэпсиэ, эмээхсин?
            Са й с а р ы. Суох. Эн кэпсээ. Бу хайалара киирдиҥ?
            С  ат  а  р  а  а  л.  Сатараалбын,  атыыһыт  уолабын,  илдьиккэ
         кэллим.
            С а й с а р ы. Ол тугу илдьиттээтилэр?
            С а т а р а а л.  Хотунум  дьэдьэн  сиэн  баҕарбыт  үһү,  онон
         оҕоҕун Ньургууну биир-икки күн дьэдьэннэтэ ыытыаҥ үһү.
            С а й с а р ы.  Дьэдьэннэтиэ  этилэр  да,  ыалдьа  сытар  ээ
         оҕом. Бэйэм да хайдах сатанарбын, бу сабыллан хаалан, бил-
         бэккэ олоробун. Харыһын кыайбакка харахпыттан мэлийэн ха-
         раҥанан харбыалаһан хааллым. Ол хотунум барахсан дьэдьэн
         сиэн баҕардаҕа, арай ити Моһуок уолга биирдэ эмэ дьэдьэн-
         нэтэн ыытан көрүөм буоллаҕа. Инньэ диэн эт тойонуҥ аахха,
         барахсаттарга, көрбөт да буолтум кэннэ кэм даҕаны аһынал-
         лар, чэй, табах бэрсэллэр ээ, чыычаах оҕолоро.

                                                                      141
   136   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146