Page 139 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 139

солко былаат наадата суох, ону хаһан ситэн таҥнаары. (Сөтөл-
         лөр.)
            С а й с а р ы. Кэбис, тоойуом, инньэ диэмэ… Хата, бу то-
         боҕун (сиэбин хастар) ситэри биэрэн кэбиһиэх.
            Н  ь  у  р  г  у  у.  Чэ,  бэйэҥ  бил,  баҕар,  биэр  даҕаны.  Били
         Кэчиик кыыска ырбаахы таҥаһа ылыа этибит.
            С а й с а р ы. Ээ, сөп, сөп, кырдьык, эрэйдээххэ ылыахха.
         (Уолакаҕа биэрэ-биэрэ.) Тукаам, мэ, маны ситэри ыйаа.
            У о л а к а. Хор, доҕор, дьэ, бу үчүгэй. Мин уона туолбата
         диэн, мунчаара олоортум. Дьэ, бу аата бэрт!.. Оруобуна, оруо-
         буна  11  солуотунньугу  тарта.  Дьэ  мантыкаҕар  тугу  ылаҕын,
         ийэкээ?
            С а й с а р ы. Чэ, бу оҕобор биир сатыын ырбаахы таҥаһы-
         на,  биир  солко  былаатта,  биир  арсыын  ньиэндэтэ,  биир  та-
         раахта  уонна  үс  арсыын  дабата,  биир  чэйдэ,  биир  муунта
         табахта,  муунта  аҥаара  саахарда.  Чэ,  уонна  туох  эмэ  ордор
         буоллаҕына, бэйэҥ ааҕан уураар, кэнники ылыллыа, оҕолорум
         күүтэн өлүөхтэрэ.
            У о л а к а. Саамай сөп.
                                С а т а р а а л киирэр.
            У  о  л  а  к  а.  Сатараал,  бар  эрэ,  били  Мөкүөйэ  эмээхсини
         ыҥыран киллэр, билигин итиннэ көстөн эрэр этэ дуу.
            С а т а р а а л. Ыҥырарым кэмнээх буолуо дуо? (Тахсар.)
            У  о  л  а  к  а  (ылан  биэрэ-биэрэ).  Чэйиҥ  бу  баар.  Табаҕыҥ
         бу баар. Сөптөөх. Аны кырыбыайкаҥ бу баар. Сөптөөх. Ньиэн-
         дэҥ бу буоллун. Аны солко былаатыҥ… бу буоллун. Аны, аны
         сатыыҥҥын мээрэйдиэх — сэттэ арсыын сөп буолар ини?
            С а й с а р ы. Буолуоҕа.
            У о л а к а. Бу баар. Аны дабаҥ, бу баар, бэлэм көнньүөс.
         Оттон  саахарыҥ,  кэмпиэтиҥ  —  бу.  Чэ,  итигирдик,  ийээ,  уон-
         нааҕытын кэнники диэтиҥ буолбат дуо?
            С  а  й  с  а  р  ы.  Кэнники.  Чэ,  мантыкабытын  суулаан  кулу,
         дьиэбитигэр илдьэн тотуохпутугар диэри биирдэ көрүөхпүт.
            У о л а к а. Суулаан бөҕө буоллаҕа дии…
            С а й с а р ы. Ити Мөкүөйэни тоҕо ыҥыртардыҥ?
            У о л а к а. Эн хараххын эмтэтээри, ийээ, эрдэтинэ эмтэп-
         пит ордук буолуо.
            С а й с а р ы. Хайа, тукаам, онтукаҥ манньа диэ суоҕа дуо?
            У  о  л  а  к  а.  Диэтин.  Ийэм  иннигэр  манньатын  мин  бэйэм
         биэриэм.
            С  а  й  с  а  р  ы.  Бу  оҕом  барахсан  тылын.  О,  аныгы  дьон

                                                                      139
   134   135   136   137   138   139   140   141   142   143   144