Page 137 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 137
М ө к ү ө й э. Ол төһөнү биэриэҥ үһү, онно миэхэ?
У о л а к а. Төһө диигин да оччону, туокка наһаа этимэ.
М ө к ү ө й э. О, сорум эбит… Ымсыыртаҕыҥ баҕас ту-
гун кыһыытай… Кыһалҕа бөҕө олуйан, кылгас бөҕө кыайан,
мин сор доох аньыыга-хараҕа киириэх бэйэм буолуо буоллаҕа
дуо… Чэй биэриэҥ дуо?
У о л а к а. Чэй да биэриэххэ син.
М ө к ү ө й э. Табах биэриэҥ дуо?
У о л а к а. Табах да биэриэххэ син.
М ө к ү ө й э. Чэйи амсайбатаҕым ыраатта. Хатыҥ үөһүнэн
олоробун. Ууттан, иэдьэгэйтэн атын аһым суох. Билигин бу
иһим кубус-кураанах. Таҥара да бырастыы гынаа ини.
У о л а к а. Төһө диигин, чэ, эт.
М ө к ү ө й э. Балтараа чэй, муунта табах.
У о л а к а. Олустаатыҥ. Чэ, биир чэй, муунта аҥаара табах.
М ө к ү ө й э. Ээ, чэ буоллун.
У о л а к а. Сөп. Туокка икки атахтаахха иһитиннэриэҥ суо-
ҕа. Иһитиннэрэр күннээх буоллаххына, бэйэҥ түбэһиэҥ ээ —
мин түбэһиэм суоҕа. Ону өйдөө.
М ө к ү ө й э. Өйдөөмүнэ. Бэйэ, ол хайа сордооҕу хараҕын
сабабыт, тугу көрбүт буруйугар?
У о л а к а. Ол эйиэхэ наадата суох. Эн туох да урууҥ-
хаа ныҥ буолбатах, онон бүтэр. Мэ, бу манньаҕын тут. Тахсан
дьиэҕэр бэлэм олор. Наада буоллаҕына ыҥыттарыам. Дьэ,
бука диэн, саамай күүстээх сүлүһүҥҥүн бэлэмнээ. Сөп дуо?
М ө к ү ө й э. Оттон сөп… (Тахсар.)
У о л а к а. Чэ, бэйэ, санааҕа, сатаныах курдук буолла. Биир
чэйгэ — биир саҥа бириискэ. Сөп соҕус эргиэн буолаарай!
(Чаһытын көрөр.) Били эмээхсин тоҕо кэлбэт? Оҕонньорго,
Быыпсайга, барыа дуо? Ол сытыган сүөһү баайыгар. Хайа,
иэһэ да үгүс ини, хайа анараа киһи ыйаан ылар солуотунньук-
таах ыйааһына, маҕаньыыта да суох ини. (Аанын тэлэччи аһар.
Остуолу прилавок курдук туора тардар. Хоппоттон табаарын
хостуур.) Бэйэ, эмээхсин хараҕа халтарыйар гына табаарда
тардан олоруохха.
С а т а р а а л киирэр.
С а т а р а а л. Сайсары эмээхсин кыыһыныын Ньургулуун
кэллилэр. Киллэрэбин дуо?
У о л а к а. Саамай сөп. Эппит курдук буолан иһэр билиҥ-
ҥитэ. Киллэртээ.
Сатараал (ааны аһан туран). Киириҥ. (Тахсар.)
137