Page 132 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 132

ДМИТРИЙ КОНОНОВИЧ СИВЦЕВ—СУОРУН ОМОЛЛООН
                                      (1906—2005)


                                         Драматург бөдөҥ айымньыларыгар:
                                      «Айаалга»,  «Сайсарыга»,  «Күкүр  Уус-
                                      ка»,  «Дьулуруйар  Ньургун  Боотур-
                                      га» — күннээҕи олох кыра, лоскуй өт-
                                      түгэр  тохтообот,  саха  норуотун  биир
                                      кэр диис  кэмнээх  үйэтин  —  эпохатын
                                      олорчу  хабан,  кини  духуобунай  уон-
                                      на  материальнай  култууратыгар  өтөн
                                      киирэн, норуот тиэ мэтин арыйар. Ма-
                                      ныаха  Айаал,  Сайсары,  Күкүр  Уус,
                                      Ньургун Боотур курдук киэҥ олуктаах,
                                      күүстээх  хараахтар даах  уобарастар
                                      айымньы  тиэмэтигэр  сүрүн  буолбат-
                                      тар, норуот бүтүннүүтэ өрө туран ох-
             суһуута  быһаарар  суолтаны  ылар.  Норуот  бэйэтэ  айымньы
             сүрүн дьоруойунан буолар.
                Саха норуотун төрөөбүт ийэ тыла драматург айымньылары-
             гар устар уулуу кудуххайдык субуллар. Маныаха Суорун Омол-
             лоон тыл историзмын уус-уран айымньы биир халбаҥнаабат
             сокуонун быһыытынан тутуһар.
                                                                 Д. Максимов

                                        САЙСАРЫ

                                      Оонньуур дьоно
                С а й с а р ы — дьадаҥы саха дьахтара.
                Н ь у р г у у.
                Одьулуун.
                С ы л г ы һ ы т.
                К ы ы р а.
                М о һ у о к — 8—9 саастаах уол.
                М ү л д ь ү — 6—7-лээх босхоҥ уол.
                Б ы ы п с а й (Шишлянскай кулуба) — быыпсай кулуба.
                У о л а к а (Ниипэнтэп) — тыа атыыһыта.
                С а т а р а а л — кини кутуруга.
                М ө к ү ө й э — отоһут эмээхсин.
                Буолар быһыы 1916—1922 сыллардаахха Саха сиригэр барар.






              132
   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136   137