Page 136 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 136

С а т а р а а л киирэр.
                С а т а р а а л.  Тойон,  луохтуур  бырыйыахал.  Киллэрэбин
             дуо?
                У о л а к а. Киллэр.
                Сатараал  (ааны  аһа-аһа).  Баһаалыста,  бырахадьыы,
             луох туур! (Тахсар.)
                                    М ө к ү ө й э киирэр.
                М ө к ү ө й э. Атыыһыт тойонум, дорообо! Тоҕо ыҥыртар-
             дыҥ, көрөрүҥ ыарыйда дуо?
                У  о  л  а  к  а.  Ээ,  ыарыйда,  хайдах  эрэ  көһүөккээтэ.  Хайа,
             салыы түһүөҥ буолаарай?
                М ө к ү ө й э. Салаамына. Салаан-салаан Мөкүөйэ аатыр-
             даҕым дии. Атыыһыт хараҕын салыыр диэн ас буоллаҕа дии.
                У о л а к а. Соннук. Ол гынан баран, бэйэ эрэ, аны сүүстээ-
             ҕи  аһаан,  эмэн  кэлбит  тылгынан  салаан,  дьэ,  эбии  мэлитээ-
             йэҕин. Харахха сүүс кутталлаах буолуо суоҕа дуо?
                М  ө  к  ү  ө  й  э.  Бу  эттэххин  көр,  сүүс  күтүр  куттала  суоҕа
             диэн кэлиэ дуо. Ону мин, бастаан ыт хараҕын салаан көрөн,
             онон  билбитим.  Сороҕор  ыты  хараҕын  соҕотохто  сабар  сүүс
             эмиэ түбэһэр буолара.
                У о л а к а. Түбэһэр буолара диигин дуу?
                М о к ү ө й э. Түбэһэн, түбэһэн…
                У о л а к а. Оттон киһиэхэ ол сүүс хайыай?..
                М ө к ү ө й э. Тыый да, өссө абааһы буоллаҕа дии. Хайа,
             киһи барахсан, айыы оҕото, ыттааҕар кэбирэҕэ турдаҕа дии…
                У о л а к а. Оттон бэйэҥ тылгын тоҕо сиэбэт?
                М ө к ү ө й э. Ама, доҕор, бэйэм тылбын тоҕо сиэтиэмий —
             туос  араҥатын,  эбэтэр  куолай  сарыытын  тылбар  тутар  буол-
             лаҕым дии, тоҕо сиэҕэй…
                У о л а к а. Сөөп. Чэ, буоллаҕа… Истэҕин дуо, эмээхсиэн,
             эн миэхэ биир киһи хараҕын, ол ыты салыырыҥ курдук, салаан
             биэриэҥ этэ дуо?
                М  ө  к  ү  ө  й  э  (өмүрэр).  Тыый,  күтүр!  Мөкү  күтүр  диибин
             даҕаны…  Тыый,  тукаам,  ол  туох  буоллаҥый,  аньыы  даҕаны?
             Мин киһини үтүөрдэр баҕалаахпын, куһаҕаҥҥа тиэрдэр баҕам
             суох ээ, бу да буолларбын…
                У  о  л  а  к  а.  Чэ,  кэбис,  бу  аан  дойдуну  эн  биһикки  дэхси-
             лиэхпит  суоҕа.  Ону  эн  миэхэ  босхо  оҥоруоҥ  дуо,  манньаҕа
             оҥоруоҥ этэ буоллаҕа дии. Биэрэ түһүөм этэ.
                М ө к ү ө й э. Биэрэ түһүөм этэ диигин дуу?
                У о л а к а. Биэрэ түһүөм.

              136
   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141