Page 135 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 135
мантан гильдиялаах да атыыһыт буолуохха сөп этэ? (Кириэс-
тэнэр.) Хараҕа суох, көрбөт оҥоруохха, хараҥаҕа муннарыахха
наада — оччоҕо кинини киһи хайдах баҕарар сүөһүлүө этэ.
Дьэ, ону хайдах оҥоруохха сөбүй? Хайдах эрэ саталлаахтык
оҥоруохха наада. Бэйэ, бэйэ… (Толкуйдуур. Остуолу охсор.)
Буллум! Буллум!.. Ол иһин да, мин диэтэх киһи, булбат буо-
луом дуо!.. Нохоо, Сатараал! Киир эрэ! (Былаат ылан аҥаар
хараҕын саба баанар.)
С а т а р а а л киирэр.
С а т а р а а л. Туох наада, тойонуом?
У о л а к а. Бар, били харах эмтээччи Мөкүөйэ эмээхсини
ойутан аҕал эрэ, тойонум хараҕа ыарыйда диэ.
С а т а р а а л. Диирим кэмнээх буолуо дуо. Эмээхсиҥҥэ
эгэ эрэ буоллаҕа дии… Ойдум дуо?
У о л а к а. Ой.
С а т а р а а л тахсар.
У о л а к а. Мөкүөйэ, харах эмчитэ, кини салаан эмтиир.
Кини тылыгар күүстээх эми, дьааты, эбэтэр кислотаны дуу
сыһыаран баран салаттахха ханна барыай, Сайсары эрэйдээх
хараҕа сабыллаахтыа буоллаҕа дии. Дьэ, бу сөп толкуй буол-
ла быһыылаах. Даа! Бэйэ, ол гынан баран, кини төһө көмүһү
өлөрбүт буоллаҕына, мин эрэйдэниэхпэр сөбүй? Киһи эрэйэ
тиллибэт, промышленнай барса суох сир буоллаҕына, эмиэ
наадата суох, оччоҕо Мөкүөйэҕэ биэрэр манньам бэйэбэр да
хаалбыта син. Бэйэ, итиччэтигэр, итини симиэтэлиэххэ наа-
да. (Суоту ылан тардар.) Кини бачча күн үлэлиир. Үчүгэй кө-
мүстээх сир буоллаҕына, ортотунан күҥҥэ баччалыы солуо-
тунньугу сууйдун. Оччоҕо… бачча буолуохтаах. Чэ, кини миэ хэ
быһа уон солуотунньугу туттардаҕына сөп буолсук. Уон со-
луо тунньук көмүс көстүбүт буоллаҕына, Мөкүөйэ луохтуур үлэ-
лиир, көмүс сүүрээн миэнэ буолар. Сүүрээн миэнэ буоллаҕы-
на, дьөрү, бэйэм да сууйуом, бириискэ да астарыам… Чуорт
тэбэрии!.. (Сиэркилэҕэ көрүнэ-көрүнэ.) Дыраастый, саха гиль-
диялаах атыыһыта Харитон Леонтьевич Нифонтов! Дыраастый!
Чуорт тэбэрии! Бу аан дойдуну көмүс тутан турар. Көмүс кур-
дук күүстээх туох да суох. Көмүс үрүҥү хара оҥорор, көмүс
сымыйаны кырдьык оҥорор, көмүс куйаҕы оннооҕор суут,
сокуон торҕо биитэ хоппот, көмүстэн ыраахтааҕы да хараҕа
халтарыйар, оттон дьахтар барахсан «уой!» диэбитинэн уҥан
түһэр. Ол курдук күүстээх көмүс, ону Сайсары эрэйдээх өссө
билбэтэ да буолуо, киниэхэ көмүс — кутуу чэй, хамса табах…
135