Page 134 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 134

суулла турар дьааҥы тааһыгар баттатан өлбүтэ. (Чаһытын ыл-
             латар, остуолга уурар, табаҕын ылынар.) Ону эмээхсинэ сүгэн
             киллэрэн  көмөн  баран,  таах  төннөн  киирбитэ.  Онтон  бу  бы-
             йыл сайын эмээхсин онно иккиһин тахсарга тэриммитин мин
             сураһан  билбитим.  Билэн  баран,  олоруох  баар  буолуо  дуо,
             куораттаатым  диэн,  тыл  ыытан  бараммын,  эмээхсини  батыс-
             таҕым  дии.  Дьэ,  ыраах  да  сир  эбит:  түөрт  үрэҕи  туораан,
             7  хонон  баран,  эмээхсиним  тиийбитэ.  Мин  баарбын  кини
             билээхтээбэт,  оттон  мин  кэнниттэн  аргыый,  куоска  курдук,
             ньылбыйан  иһэбин.  Ол  тиийэн  7  дьааҥы  тардыытыгар,  биир
             суулла  турар  таас  очуос  анныттан  сүүрэ  турар  үрүйэ  төрдө
             сык кыырга  тиийэн,  эмээхсиним  кириэс  охсуммута.  Хонон  ту-
             ран  баран  онно  кини  үлэлии  хаалбыта,  оттон  мин,  суолун
             билэн  баран,  киирдэҕим  дии.  Даа!..  (Турар.)  Дьэ,  кини  төһө
             көмүһү булла буолла? Сураҕа, бэҕэһээ кэлбит үһү. Кини миэ-
             хэ  кэлиэхтээх,  атын  ханна  да  барар  сирэ  суох.  Ынах  сыпта-
             рыҥнаах  Быыпсай  баайга  барбат.  Көмүһү  ылыахха,  туттуохха
             айылаах,  Амырынан  тайар  атыыһыт  диэн,  хайа,  мин  эрэ  да
             буоллаҕым дии. Даа!..
                               Эмискэ  С а т а р а а л көтөн түһэр.
                С а т а р а а л.  Тоҕо  ыҥырдыҥ,  тойонуом?  Күөн  харчыта
             биэ рээри гынныҥ дуо? (Эрбэҕин саланар.)
                У о л а к а. Иирэн киирдиҥ дуу, нохоо! Күтүр кэм үөнэ суох
             сылдьыбат ээ. Киэр буол, бар! (Биир кириибинньиги быраҕан
             биэрэр.)
                С а т а р а а л.  Бу  кэннэ  киэр  буоларым  кэмнээх  буолуо
             дуо.  Бу  кулгааҕым  кулугута  бүөлүү  түһэн,  туох  баар  саҥа  бу
             кулгаахпынан  суолланар  буолан,  көтөн  түстүм  дии,  быһыыта.
             Бардыым, бардым! (Тахсар.)
                У о л а к а. Да!.. Дьэ, арай, эмээхсин көмүһү булан, сууйа
             түспүт буоллун, бу улахан баай көмүстээх сир буоллун. Бачча-
             тыгар, бу сири мин соҕотоҕун бас билэр гына, кини аны онно
             атаҕын да төбөтүн быктарбат гына мин тэриниэх тустаахпын.
             Чуорт тэбэрии!.. Хайдах гыммыт киһи кинини аны онно үктэм-
             мэт  гына  оҥоруой?  Өлөрөн  дуо?..  Өлөрөр  сөп  этэ  да,  эмиэ
             да кыбыстыыта бэрт — арай киһи маһынан дуу, тааһынан дуу
             баттатыа,  эбэтэр  эһэ  сиэбит  гына  оҥоруо,  эбэтэр  үрэх  туо-
             рааһыныгар ууга тимирдиэ эбитэ буолуо да, бадьыыһа бэрт…
             Оччоҕо хайыахха сөбүй? Арай илиитин, атаҕын тоһуппут киһи
             дуо? Эмиэ сатаммат. Арай хараҕын, хараҕын… суох гыммыт,
             көрбөт оҥорбут киһи дуо? Арааска, бу сөп толкуй буолаарай!
             О,  айыым  таҥарам,  өйдө-санаата  кулу  эрэ,  табылыннаҕына

              134
   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139