Page 129 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 129

Куобахха,  арҕаа  мырааҥҥа  тахсаммыт,  масчыттарга  хо-
         нобут, эбэтэр куораттан сүүрбэччэ биэрэстэлээх Сугун күөлгэ
         соҕотох  ыал  баарыгар  тиийэн  хонобут.  Ол  ыал  биэстээх-ал-
         талаах  соҕотох  уол  оҕолоохторо  кэтэҕэр,  чыычаах  кутуругун
         курдук, уһун сүүмэх баттахтааҕын мин маҥнайгы киэһэбитигэр
         дьиибэргин көрөн баран, саҥарбатым.
            Сарсыарда эрдэ ким урут туран уоту отторун дьиэлээхтэр
         найылаһан кэпсэттилэр.
            — Эр киһи, эн тураҥҥын уоту отун ээ, — диир дьахтар.
            — Күнү  быһа  ыарахан  үлэҕэ  миккиллэн,  сылайара  буолуо,
         сынньана  түстүн  диэхтээбэт  бэйэккэҥ  буоллаҕа,  —  диир  эр
         киһи.
            Онтон биһиги бэйэбит туран эрдэхпитинэ, кинилэр өрүһүс-
         пүт курдук иккиэн тэҥҥэ туран, уоттарын отто оҕустулар.
            Күнүс, тыаҕа сынньана олорон, дьиэлээхтэрбит бу сарсыар-
         да уот оттор туһунан кэпсэтиилэрин үтүктэ-үтүктэ, күлүстүбүт.
         Платон Алексеевич ону сөбүлүү истибэтэ      :
            — Тымныы  дьиэлээх,  куһаҕан  таҥастаах  дьон  сарсыарда
         туран  маҥнай  уот  оттоллоро  кытаанах.  Ону  күлэр  сатаммат.
         Арыычча киһи аһынар дьоно. Оҕолоругар өлүүлээх эрэйдээх-
         тэр  эбээт  ити.  Көрбөккүт  дуо:  оҕолорун  кэтэҕэр  уһун  сүүмэх
         баттаҕы  үүннэрэн  сылдьаллар  дии.  Кинилэр  санааларыгар,
         дойду  иччитэ,  оҕону  ити  сүүмэҕиттэн  тута  сылдьан,  өлүүт-
         тэн-алдьархайтан араҥаччылыах тустаах…
            Саалана  сылдьан,  төһө  да  сылайбытын-илистибитин  иһин,
         кини  хаһан  да  киҥэ-наара  холлубат,  булду  сыыстаҕына  да,
         кыһыйбат,  барытын  көргө-оонньууга  эргитэн  кэбиһэ  сылдьар
         киһи.
            /…/



                Ыйытыылар уонна сорудахтар

            1.  Суруйааччы олоҕун биир саамай кэрэ түгэнинэн буолбуту —
               улуу  Ойуунускайдыын  Москваҕа  суруйааччылар  1  съезтэ-
               ригэр делегатынан сылдьыбытын туһунан кэпсээҥ.
            2.  «Өһүргэс да киһи кыайан өһүргэммэт гына, сатаан эйэҕэс ­
               тик  оонньоон  саҥарар  буолара  Платон  Алексеевич…»,
               «ылым матаҕына,  бэйэтэ  хайдах  саныырын  бэрт  холкутук,
               наҕыллык быһааран биэриэҕэ» диэн этиилэр өрөбөлүүссүйэ
               ырыаһытын хайа өттүттэн арыйалларый?





                                                                      129
   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134