Page 126 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 126

Съезкэ  тыл  этэртэн  кини  булгуччу  аккаастанан  кэбистэ:
             «Сөтөллө  туруом,  кырдьан,  тыыным  кылгаан  хаалбыт,  эдэр
             киһи, эн эт». Тыл этэн баран оннубар кэлбитим — киһим суох.
             Көрдөөбүтүм — буфекка тахсан, лимоннай уу иһэ олорор эбит.
                — Хайа, төһө бэркэ эттим, Платон Алексеевич?
                — Ээ,  ким  билэр,  доҕор!..  Булдьугураатыҥ-булдьугураа-
             тыҥ буолан баран, мин үксүн өйдөөн да истибэтим. «Пепеля-
             ев  Владивосток  диэкинэн  граница  таһыгар  күрээн  истэҕинэ,
             Вострецов туппута», — диэтиҥ дии…
                — Оттон «өйдөөн истибиккин» буолбат дуо?
                — Быһата,  араатардаан  айаххын  булунуо  суох  урааҥхай-
             гыан! Онтон хомойоммун, бу тымныы уунан уоскутуна олоро-
             бун. Хата, олоро түһэн, иһиспитинэн бар…
                Мин «араатарбын» өттөйбөтөҕүм. Кини — буолумматаҕа! Хо-
             мойоммун уонна, арааһа, атаахтааммын, ол күн туспа сырыт-
             тым. Нөҥүө күнүгэр эбиэттээн тахсаат, иннигэр куота бардым.
             Киһим, кэннибиттэн иһэн, саҥаран күөрэлдьиттэ:
                — Нохоо,  Ньукулаай,  куотума  эрэ,  бииргэ  барыах!  Кыыһы-
             рыма, доҕор: оонньоон эппитим. Ааттаах араатар буолсугуон!
             Туруйа кыыл курдук лоҥкунатан. Дьэ, куолас да куолас!
                Күлбүтүнэн, утары сүүрэн кэллим, сиэттиһэ түстүм…
                Съезд күннэригэр, кини этиитинэн, иккиэйэҕин хаартыскаҕа
             түстүбүт.  Съезд  банкетыгар  Максим  Горькайы  кытта  көрсө,
             кэпсэтэ  түһэн  ааспыппыт  туһунан  иккиэн  суруйан  турабыт:
             мин — сонно тутатына, кини — икки сыл буолан баран, Горькай
             өлбүт  күннэригэр.  Онно  кини  мин  оруолбун  ордук  чорботон
             суолталаабыт этэ. Дьиҥэ, мин онно: «Максим Горькай илиитин
             истиҥник бобо тутан дорооболоһорум буоллар, төһө эрэ дьол-
             лоох  киһи  буолар  этим!»  —  диэн,  сүрэҕим  итии  баҕатын  эрэ
             этэ олорбутум эбээт. Хаһан да туолбат үрдүк баҕаны таптыыр,
             истиҥник  ытыктыыр  киһигэр  этэриҥ  бу  сир  буолбуот!  Онтон
             кини: «Чэ, барыахха!» — диэбитигэр, мин, хата, олус дьулайан:
             «Кэбис!» — дии түспүппүн өйдүүбүн.
                — Чэ,  оччоҕо  мин  бэйэм,  соҕотоҕун…  Киэһэни  быһа  тугу
             лахсыйаҕын уонна төттөрү түһэн хаалаҕын! — Кини саала ор-
             тотунан дьулуруйа хаама турбутугар, мин кинини батыһан эрэ
             испитим… Кини барбатаҕа буоллар.., мин хаhан да соруммат
             суолум этэ.
                Биллэрин курдук, кини съезкэ ССРС Суруйааччыларын Со-
             юһун Правлениетын чилиэнинэн талыллыбыта. Балаҕан ыйын
             2 күнүгэр Правление маҥнайгы пленумугар сылдьан, Максим
             Горькай тыл эппитин истэн баран, олус да үөрэн кэлбитэ!

              126
   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131