Page 123 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 123

Охоноос  мунньустубут  дьоҥҥо  эргиллэн.  —  Сири  дууһа  бы-
         һыытынан үллэстиэххэ.
            — Ханнык баайдары?.. Ханнык сири?.. — Сыллай Луха күр-
         дьүөттээбит  оҕус  курдук  кынчыатаан,  чугаһаан  кэллэ.  Кини
         кыр баары быһыытыйда. Онуоха дьон ортотуттан Тохороон Ба-
         һылай сүгүллэҥнээн таҕыста.
            — Сири… Кырдьык… — Тохороон тугу да сатаан эбэн эппэк-
         кэ,  ыйыстан  кэбистэ,  тэпсэҥнээтэ,  ол-бу  диэки  бүлтээриччи
         көрүөлээтэ. Сыллай чугурус гына түһээт, көхсүн этиппэхтээтэ
         уонна атын сиэппитинэн тэйэ хаама турда.
            — Эн  баайы  утары  охсуһарыҥ  кэлиэ  дуо?  Эн  бэйэҥ  баай
         буоллаҕыҥ  дии!  —  диэн  баран,  Охоноос  дьонугар  эргиллэн
         боччумнаахтык эттэ, — чэ, хата, бараммыт сирбитин түҥэттиэ-
         ҕиҥ.
            — Барыаҕыҥ!  —  дии  түстэ  Эрдэлиир.  —  Yrүc  тыл-өс,
         ырыа-тойук  наадата  суох!  Сири  баайдартан  ылан  баран,  ыл-
         лыахпыт-туойуохпут.
            — Кырдьык даҕаны! — Тохороон cөҥөдүйэн кэбистэ.
            — Ыллаатахха да туох баарый, ырыа мэһэйдиир үhү дуо! —
         Кыра  Уйбаан  эмискэччи  хойуостанан  илиилэринэн  хааман,
         атахтара үөһэ тыраадыҥнаабытынан бардылар.
            — Ээ, дьэ, маладьыас да киһи, доҕор! — Охоноос хайҕаан
         саҥа аллайа түстэ.
            — Ырыа да араастаах буолар, атастаар!




                Ыйытыылар уонна сорудахтар
            1.  Барыы са±ана «сордоох мутуктар» этилэр, дойдуга төннүү-
               гэ «сайыҥҥы сырдык, сөрүүн түүн», «…сүрэҕэ итийдэ, та-
               ныыта  хамсаата,  хараҕа  уоттанна»  диэн  ойуулааґыннарга
               санаа±ытын этиІ.
            2.  «Тоойум оҕотоо, эбэбитигэр дьэ кэллибит дии!», «Кэлэн
               доҕор дьэ!..» бу кылгас тыл бырахсыы айымньыга суолта-
               лаах дуо?
            3.  Убайа  быраатынаан  долгутуулаах  көрсүһүүлэрин  ааптар
               хай дах биэрдэ?
            4.  Микиитэ  дьон  иннигэр  тахсан  билэрин­көрөрүн,  санаатын
               этэрин туох дии санаатыгыт? Бүгүҥҥү эдэр дьоҥҥо, эһиэхэ,
               наадалаах дуо?
            5.  «Кыһыл» Сыллай Луха майгытын туһунан аҕата туох дии-
               рий? Мантан туох түмүгү оҥоруохха сөбүй?



                                                                      123
   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128